туохт. Олус бытааннык, тохтоон хаалыах курдук гына-гына, дьүккүҥнээн хаамп (олус кырдьыбыт эбэтэр улаханнык ыалдьыбыт киһи туһунан этэргэ). ☉ Шагать, подавшись вперёд, очень медленно, с трудом, еле передвигая ноги (о старом или больном человеке)
Мавра эмээхсин ыаҕайатын тоҕонохтоммутунан хотонун диэки үҥүөхтээн истэ. М. Доҕордуурап
Сиидэр оҕонньордоох тэлгэһэлэригэр үҥүөхтээн кэлбитэ. И. Никифоров
Сиэнигэр уонна күтүөтүгэр өйөтөн үҥүөхтээн иһэн Хаппытыан нэһиилэ ыган саҥарда. ЭКС ТБТ
△ Тура сатаан дьүккүҥнээ. ☉ Пытаться встать
Алаа Моҕус халты тэбинэн, хампы түһэн кээһэр. Дьэ ол түһэ сытан, илиитинэн тайанан тураары үҥүөхтүүр — тоҕоноҕо хам сыстан хаалар. Саха фольк. Тайах үҥүөхтээн көрөн баран, кыайан турбатах. Далан
Сонун бүрүнэн утуйа сыппыт Михаил өгдөҥнөөн, …… үҥүөхтээн туран кэллэ. Ойуку
Якутский → Якутский
үҥүөхтээ
Еще переводы: