аат., үөхс. Үөдэн, абааһы, адьарай. ☉ Чёрт, дьявол, дрянь
[Баһылай:] Үчүгэй буолаарай диэн сылыктаан, биир кыыс оҕону булан, оҕобор ылан биэртим, куһаҕан, чэпчэки үүсээҥи түбэспит эбит. А. Софронов
[Омуннаах Уйбаан тахсаары туран:] Бэйи, үүсээҥи, көрдөөбүккүн биэриэм. Н. Неустроев
Сиэллэҕинэ, [сур соноҕос] балтараалыы ыллар харыһы хардарар. — Хардарыан сөп үүсээҥи эбит! — диир Бүүчээн оҕонньор. — Түөһэ эттээх, моонньо сэтэлээх. Амма Аччыгыйа