Якутские буквы:

Якутский → Русский

үүтээн

избушка; булчут үүтээнэ охотничья избушка.

Якутский → Якутский

үүтээн

аат. Булчут бултуур сиригэр олороругар анаан туттубут кыра балаҕана эбэтэр дьиэтэ. Избушка, лачуга охотника
Үүтээн кыстыыр гына кичэллик оҥоһуллубут этэ. Далан
Киһи хараҕын курдук чөҥөрүйбүт соччо улахана суох күөл хонноҕор сиргэ тимириэххэ айылаах үүтээн дьиэ самналлан турар. И. Федосеев
Күөлү эргийэ баран иһэн, кини быыкаа үүтээн оҕото баарыгар көтөн түһэр. Н. Якутскай
ср. уйг. үчэк ‘гнездо; убежище’, эвенк. үтэн ‘хижина; шалаш (из жердей)’


Еще переводы:

лачуга

лачуга (Русский → Якутский)

ж. үүтээн, балаҕан.

аргыардан

аргыардан (Якутский → Якутский)

туохт. Тымныы салгыннаах буол, тымный. Веять, тянуть холодом, холодать. Хоно сытар үүтээммит сарсыарданан аргыарданна

тэһиттэҕэстэн

тэһиттэҕэстэн (Якутский → Якутский)

тэһиттэҕэстээ диэнтэн бэй
туһ. Сытыары бэрэбинэ үүтээн, тимир оһоҕо хас да сиринэн тэһиттэҕэстэммит. Дьолбут к.

чохчоруй

чохчоруй (Якутский → Якутский)

чохчой диэнтэн субул
көстүү. Сипсики үүтээнтэн оргууй чохчоруйан түстэ. Л. Попов

дьөгдьөрүҥнээ

дьөгдьөрүҥнээ (Якутский → Якутский)

дьөгдьөрүй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Сиэгэн] итиннэ хоспоҕу буруйдуу санаабыта, хоспоҕу ыһан кэбиһээри үүтээн диэки дьөгдьөрүҥнээбитэ. И. Гоголев

дуомнан

дуомнан (Якутский → Якутский)

дуомнаа диэнтэн бэй
туһ. Аһаан дуомнанаат, үүтээҥҥэ баар хардаҕастан көнөтүн талан тымтык тыырбытым. П. Степанов
Куоракка киирэн аймахтарбар олорон, үлэлээн дуомнаммытым. «Кыым»

көбөдөх

көбөдөх (Якутский → Якутский)

даҕ. Көпсөркөй, сахсархай. Рыхлый, вздутый, взбитый
Көбөдөх ас. Көбөдөх от. — Тороев уонна Чуура, хайа быарыгар дабайан тахсан, үүтээн көбөдөх оттоох даҥ буор аанын көрдөөн, нэһиилэ буллулар. Л. Попов

лаабыстан

лаабыстан (Якутский → Якутский)

лаабыстаа диэнтэн атын., бэй
туһ. [Макар] тус бэйэтэ бас билэр дьиэлэниэхтээҕэр буолуох лаабыстаннаҕа да диэни билбэтэх баҕайыта. Н. Лугинов
Тукаам, булдуҥ сэптэрэ үүтээннэриҥ тастарыгар лаабыстанан тураллар. «Чолбон»

саппай-иппэй

саппай-иппэй (Якутский → Якутский)

сыһ., кэпс. Тиэтэйэ-саарайа тэҥэ-дэхситэ суохтук хардыылаталаан (хаамп). Нетвёрдыми, неровными торопливыми шагами (идти, ходить)
Үүтээммит туһаайыытын тутуһан саҥата-иҥэтэ суох саппай-иппэй хаамсан истибит. С. Федотов

сэлбийтэлээ

сэлбийтэлээ (Якутский → Якутский)

сэлбий диэнтэн төхт
көрүҥ. Урукку бултуур тэриллэрин, сэптэрин-сэбиргэллэрин сэлбийтэлээн, онтон тохтоон сынньанан баран, нөҥүө үрэххэ үүтээн оҥосто ыкса күһүн тиийбит. ПАК АаТХ