Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үөттэриилээх

үөһээттэн үөттэриилээх — үрдүкүлэртэн (айыылартан) эбэтэр аллараааҥҥылартан (абааһылартан) анатыылаах, тутаахтаах (хол., ойуун). Призванный верхними (небожителями) или нижними (злыми) духами (шаман, правитель и т. д.)
[Бөҕүл Бөҕө:] Хааннаах хардаҥ эһэ тириитин саҕа Умса түспэт түөрэхтээх Нүһэр Дархан, Эн үөһэттэн үөттэриилээххин Мин бигэтик билэбин. И. Гоголев
Дьиҥнээх ойууттар Үөһэттэн үөттэриилээх, Аан дойдуттан айдарыылаах буола ананан төрүүллэр. үтүктэн киһи ойуун буолбат. В. Кондаков
[Тыгын:] Абаҕан этэрин курдук, төһө да үөһэттэн үөттэриилээх удаҕан буолларгын, дьахтаргын өйдөө. «Чолбон»