Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үөтүгэн

көр үтүгэн I
Тимир тиһиктээх, Кэҥириир кэтит үөтүгэн диэки Түп-тап тутан, Түҥнэри ытыйбыта. Саха фольк. Мин түһүүр түүлүм төттөрү, биттэнэр битим кэдэрги. Эн буоллаххына, үрдүк халлааҥҥа ураҕас туттаҕын, Нэрэлиир Нэс үөтүгэн түгэҕэр Ньиксиир быстаҕын. Эрилик Эристиин


Еще переводы:

кэтиэлээ

кэтиэлээ (Якутский → Якутский)

туохт. Харса суох түһүөлээ, анньыалаа. Бить, колотить, толкать с силой (неоднократно)
Хаһыытаатар ханталдьыйбат, Үөгүлээтэр өндөлдьүйбэт Кэтиэлээтэр кэйбэлдьийбэт …… кэтит үөтүгэн түгэҕин диэки Түҥ-таҥ тутан, Түҥнэри ытыйбыта. Суорун Омоллоон
кэпс. Кэтэрдитэлээ (иҥсэлээхтик испэхтээ). Пить с жадностью (большими глотками)
Чаанньыкка сойбут чэй баарыттан кэтиэлээтэ. М. Доҕордуурап

өр

өр (Якутский → Якутский)

I
туохт. Уокка оргута, буһара уур. Ставить на огонь варить, кипятить (чай, обед и т. п.). Чэйгин өр. Күөһү өр
[Хаалдьыт:] Барыта талбыт курдук, хата сылабааргын өрөн, аскын астаан, бэлэм олор. А. Софронов
Кинилэр сэһэргэһэ-сэһэргэһэ чэй өрдүлэр. М. Доҕордуурап
Доҕоор, бүгүн эбиэт өрөн Түбүгүрүмүөх, Кафеҕа Баран аһыах! Р. Баҕатаайыскай
II
туохт.
1. Хас да сүүмэхтэн эбэтэр утаһынтан хат, хатан оҥор, баайан оҥор. Плести, сплетать, заплетать. Тууну өр. Суһуоҕу өр
Уһун суһуоҕун кууруор диэри намылыччы тараан баран мөлбөөрүччү өрөн кэбиһэр. Н. Якутскай
Туу өрө, Илим баайа олорон, Эрэллээхтик кини диэки көрөрүм. И. Гоголев
2. Саптан анал тэрилинэн (испииссэнэн, күрүчүөгүнэн) таҥаһы баай, баайан оҥор. Вязать (спицами, крючком)
Кини өрө олорор куруһубатын ньилбэгэр ууран баран, толкуйдаан олордо. Н. Заболоцкай
Арай үс кыыс киэһээ хойут Таҥас өрө олорбут. А. Пушкин (тылб.)
ср. тюрк. өр, үр ‘плести, заплетать’
III
сыһ.
1. Уһуннук. Долго
Ол курдук өр соҕус айаннаан, арыыга чугаһаатылар. Эрилик Эристиин
Өр соҕус күүттүлэр. Күннүк Уурастыырап
2. Уһун кэм устатыгар, бэрт элбэх күн-дьыл анараа өттүгэр. Давно
Өр да буолла мин таба Ньуоҕутун туппатаҕым, Сыа хаары бурҕачытан Сыһыынан ааспатаҕым. С. Данилов
Кэҕэ баҕайы Бэйэтин оҕотун биирдэ да Бэрийбэт диэн Бэрт өртөн ыла Биллэр буолбаат! П. Тобуруокап
Өр-өтөр буолбата — өр буолбата, тардыллыбата. Скоро, не задерживаясь, не заставляя долго ждать
Кыыс, кырдьык, өр-өтөр буолбакка Бар дьону соһуччу соһутта. С. Данилов
Үөтүгэн төрдүгэр Өр-өтөр буолбата, Болдьохтоох курдук балык Бу устан тиийэн кэллэ. В. Чиряев
Өр өтөр буолбата, хара-бараан сирэйдээх, мааны киһи кирилиэскэ тахсан, норуокка тоҥхоҥноото. П. Филиппов
тюрк. үр