Якутские буквы:

Якутский → Якутский

өһүөлэн

туохт. Өһүөлээх буол. Иметь матицу, быть с матицей
Бэрт омуктары билсиилэнэҥҥин, Сүдү байҕаллары сыттыктанаҥҥын, Үрдүк хайалары өһүөлэнэҥҥин Үйэлэргэ аарыгыраҕын. И. Гоголев


Еще переводы:

билсиилэн

билсиилэн (Якутский → Якутский)

туохт. Туох эрэ сыаллаах билсиитэ, сибээстэ олохтоо, билсиилээх буол. Завязывать знакомства, устанавливать связи с какой-л. целью
Лараны Ыларов оннугар [үлэҕэ] ыллаттараары ситиһэбин (онно-манна туох иһин ыйааһыннаах билсиилэммиппиний). Р. Баҕатаайыскай
Бэрт омуктары билсиилэнэҥҥин, Сүдү байҕаллары сыттыктанаҥҥын. Үрдүк хайалары өһүөлэнэҥҥин Үйэлэргэ аарыгыраҕын [нуучча норуота]. И. Гоголев

тирээбил

тирээбил (Якутский → Якутский)

аат.
1. Туохха эмэ (хол., сууллаары гыммыт дьиэҕэ) өйөбүл, тулааһын буолар мас, атах мас. Предмет, служащий для поддержки чего-л., подпорка, подставка, опора. Сэттэ үйэ тухары Иэримэ дьиэ буол диэн Сэттэ эрбэхтээх тирээбили Анньан лэчигирэппитим. Саха сэһ
1977
Эргэ мас дьиэ тирээбил үөһэ тирээбил өһүөлэннэ. БВВ ӨУоӨ
[Хара Алдан кулууба] билигин тирээбил көмөтүнэн турар. «Кыым»
2. көсп. Кимиэхэ, туохха эмэ өйөбүл, көмө. Содействие, помощь кому-л. в чём-л., поддержка кого-л.
Тарбаахап тиэрэ түһэр күнүгэр кэтэҕиттэн тирээбил буолааччы эрэллээх киһитэ Аргылов. В. Протодьяконов
Кырдьар-хаалар күҥҥүтүгэр Кимҥит кэлэн Кэтэх тирээбилэ буолуой? С. Васильев
[Аймахтарым] киһи буоларбар тирээбил буолбуттара. И. Сосин