сыһ. Бэйэ-бэйэҕэ утары (тур, хаамп, олор). ☉ Друг против друга, оказавшись (будучи) лицом к лицу (стоять, идти, сидеть)
Утарыта хаамаллар. ПЭК СЯЯ
Бары остуолга чугаһыыллар, кыыстаах уол утарыта олороллор. А. Софронов
Икки эр дьон, кинээстээх Болот, утарыта турсан хааллылар. Н. Заболоцкай
△ Бэйэ-бэйэни утары (көр, анньыс). ☉ Друг на друга (смотреть, напирать)
Дьоннор, утарыта көрсө түстүлэр да, ахтыспыт дьон быһыытынан уураспытынан, сылласпытынан бардылар. Саха фольк. Уолаттар саҥата суох утарыта көрсүһэн турдулар. Амма Аччыгыйа
Мааны, сэнэх таҥастаах Бартыбыаллаах аймаҕа, Маҕаһыыҥҥа, баһаарга Барааччылар даҕаны — Утуу-субуу ааҥнаһыы, Утарыта анньыһыы. Күннүк Уурастыырап