даҕ. Эт-хаан өттүнэн чэгиэн, доруобай. ☉ Не больной, здоровый, крепкий
Хараҕын сэрэҕинэн сэгэтэн көрбүтэ: хаҥас өлүөр хараҕа туман курдугунан ыйдаҥардан көрөр. Амма Аччыгыйа
Кинини хаһан көрсүбүккүнүй? Өлүөр, этэҥҥэ сылдьар дуо? Н. Якутскай
♦ Өлүөр эккэр түөн уурунума – алдьархайы ааҥнатыма. ☉ Не напрашивайся на беду, не кличь, не ворожи беду (букв. здоровое тело не лечи прижиганием). Доруобай сылдьан өлүөр эккэр түөн уурунума дииллэрэ чахчы эбит
□ Суох, оннук сатаммат, эрэбиисийэ кэллэҕинэ, миигиттэн иэстиэ, өлүөр эппэр түөн ууруммаппын. «ХС»
◊ Өлүөр өйдөөх – итирбэккэ, холуочуйбакка, ама өйүнэн сылдьар. ☉ Трезвый, не пьяный
Үлэ, олох өрөгөйдөөх Муусукатын истэбин. Үөрүүбүттэн, өлүөр өйдөөх, Илэ-бааччы итирэбин. Күннүк Уурастыырап
Сакылааттаһыам даҕаны этэ, биир даҕаны өлүөр өйдөөх киһи сөбүлэһиэ суоҕа. Н. Якутскай
ср. бур. элүүр ‘здоровый; трезвый’