Якутские буквы:

Якутский → Якутский

абылаппыттыы

сыһ. Абылаппыт курдук. Будто заколдован, зачарован
Билигин аҕай бэйэ-бэйэбитин истибэккэ ньамалаһа турбут бэйэбит, абылаппыттыы ах баран истэ турдубут. Ырыаһыт диэн олус да үчүгэй! Далан
Сааскарап дьиэлээх хотуну абылаппыттыы мичээрдии, хараҕын араарбакка одуулуу олордо. Г. Попов
Саха киһитэ ханна да сырыттаҕына, дьыл хайа да кэмиттэн ордук сааһы абылаппыттыы кэтэһэр. «ЭК»


Еще переводы:

дьохсолун

дьохсолун (Якутский → Якутский)

дьохсой диэнтэн бэй
туһ. Дорҕоонноох саҥалаах, Хомполлубут тумустаах, Дьохсоллубут уҥуохтаах [тойон кыыл]. Саха нар. ыр. I
[Чыычаах] Кэпсэтэн эрэрдии Кэҕиҥнии-кэҕиҥнии Дьоҕустай бэйэтэ Дьохсоллон олордо. С. Данилов
Уол, өссө сонуну истээри, дьохсоллон олорон, абылаппыттыы көрө-көрө, киһитин айаҕын кэтээтэ. Болот Боотур
Кинээс дьон ортотугар дьохсоллон олорон, тыл кыбытар. Н. Габышев
Хотоҕойдоохтор хоһууннара хотой кыыл холку үлүгэрдик дьохсоллон олорор. С. Васильев

үймээ

үймээ (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ. Ис хоһооно иһиллибэт аймалаһар улахан хаһыы, айдаан. Гомон, гвалт
Балачча өр соҕус үөстээҕилэр үймээлэрэ да тохтообото, тыатааҕы ыгылыйан барбыта да биллибэтэ. Н. Кондаков
Үөр куба өрөгөйдөөх үймээтин абылаппыттыы көрөн-истэн турдум. И. Данилов
Биһиэннэрэ [сүөһүлэр] — боччумнаахтар, истигэннэр. Уопсайдар — туох да үймээтин билиммэттэр, мээнэлэр. К. Уткин