I
туохт. Улаханнык буолан баран, туораттан иһиттэххэ, ис хоһооно өйдөммөт гына эбэтэр туох да бэрээдэгэ суох кэпсэт, айдаарыс (э. ахс. тут-лар). ☉ Говорить, разговаривать громко и невнятно, шуметь (употр. во мн
ч.). Ыраах толооннор уҥуор отторуттан киэһэ тахсан иһэр отчуттар саҥалара ньамалаһар. Эрилик Эристиин
Дьахталлар хотоҥҥо киирэн, ынахтарын ыы-ыы, куолуларынан, кэпсэтэн ньамаластылар. Болот Боотур
Сүөһү үүрээччилэр үһүөн көрдөөхтүк күлсэн ньамалаһа түстүлэр. И. Никифоров
II
даҕ. Улахан буолан баран ис хоһооно өйдөммөт, бэрээдэгэ суох (хол., саҥа-иҥэ). ☉ Громкий, но нечленораздельный, невнятный, беспорядочный (о шуме голосов множества людей)
[Дьиэ] …… иһигэр дьон саҥата ньамалас. Болот Боотур
Дуустанар кэбиинэ иһигэр саҥа-иҥэ ньамалас. Ити кыргыттар. У. Нуолур