даҕ.
1. Иһиттэн күүстээх дьайыылаах; кимиилээх (тыасуус, айылҕа туһунан). ☉ Энергичный, наступательный, активный (о природных явлениях)
Соҕотох кини [тыраахтар] тыаһа кимиэллээх, Хочо иһэ дьигиһийдэ. А. Бродников
Күһүн, кэлэн иһэр кэм кэлэн иһэр курдук, кимиэллээх, ыксаллаах. В. Сыромятников
2. Олус уохтаах, хатан, итирдэр. ☉ Очень крепкий, хмельной, пьянящий. Кимиэллээх кымыһы Кэбирэх арыынан киэргэттим. Саха сэһ
1977
Кимиэллээх кымыс Итиригэ буолбут. ГДМ БМБ. Кистэлэҥ баар удьурхай хамсаҕа, Кимиэллээх арыгы таммаҕар. Р. Гамзатов (тылб.)
3. көсп. Чиҥ, кытаанах; куһаҕан дьайыылаах. ☉ Твердый, строгий; наступательный, агрессивный
Хамандыырдарын саҥата бастаан холку курдук эрээри, кэнникинэн кимиэллээх буолан биэрдэ. Г. Колесов
Ити суруйууга …… Данте кимиэллээх киҥэ-наара тарыйа тардыллыбыта. ЛВ МТА