туохт. Арыый да буол, кыратык тубус (хол., ыарыһах ыарахан туругуттан). ☉ Быть сносным, терпимым (напр., о состоянии тяжелобольного)
Ыарыыта аматыйбыт кэмигэр [Өлүөнчэ] оҕонньорун кытта хаадьылаһар. И. Гоголев
Устунан хараҕынан моһуогуран, сэтиигэ киирэ-киирэ аматыйан атаҕын тумсун эрэ боругулдьутар буолаахтаабыт. П. Ядрихинскай
Тыал-хаар аматыйда. «ХС»
Якутский → Якутский
аматый
Еще переводы:
сөргүй (Якутский → Якутский)
туохт., кэпс. Сэргэхсий, арыый хамсыыр-имсиир буол (ыарыһах туһунан). ☉ Почувствовать себя лучше, взбодриться, ожить (о больном)
Ыалдьара аматыйан, сөргүйэн эрэр. СГФ СКТ
өрүтүн (Якутский → Якутский)
туохт. Үтүө буол, аматый, урукку чөлгөр түс (ыалдьан баран, үтүөрэр суолга киир). ☉ Приходить в норму, выздоравливать после болезни
«Итиччэ өрүттүбүт сүөһү өлүмээрэй дии саныыбын», — Дьөгүөрдээн кэтэҕин тарбанна. Амма Аччыгыйа
Оҕонньор өрүттүбэккэ күн-түүн аайы ыараан, билигин кини тиллэригэр дьон эрэмньилэрин сүтэрбиттэрэ. Д. Таас
сэргэхсий (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Чэпчээ, сылайбыккын, улугурбуккун аһарын, ыалдьан баран аматый. ☉ Взбодриться, ожить, встряхнуться (после сна, отдыха); почувствовать улучшение в состоянии (о больном)
Дьөгүөрдээн хомолтотун аһарынна, отуута умайбатаҕын курдук, сэргэхсийэн барда. Амма Аччыгыйа
Сирэйгин сууннаххына сэргэхсийиэҕиҥ… Эрэллээх ньыма! Н. Габышев
Эн билигин туруоҥ, суунуоҥ, сэргэхсийэ түһүөҥ, Айтаҕа барытын этиэҥ, тугу саныыргын. В. Гаврильева
2. Чуҥкуран, чуумпуран туран баран тиллэн, уһуктан кэл (хол., тыа). ☉ Приходить в движение, оживляться
Хараҥа буоларын кытта, тыа ордук сэргэхсийэргэ дылы гынна. Амма Аччыгыйа
Ыраах хотугу уһун сир куоратын олоҕо хайдах эрэ сэргэхсийэргэ дылы гыммыта. П. Филиппов
Уссурийскай тайҕа сууккаҕа иккитэ сэргэхсийэр: сарсыарда — күн тахсыыта уонна киэһэ — күн киириитэ. В. Арсеньев (тылб.)
3. Өйүҥ-санааҥ көтөҕүллэн, күүһүрэн, эрдийэн кэл. ☉ Воспрянуть духом, почувствовать прилив сил, подъём настроения
[Балыксыт:] Бар дьон сэргэхсийбитэ, үөрбүтэ бэрт буолла. Бу олох уларыйан, Дьүөгэ Дьөгүөр курдук дьон бэркэ абыраннылар. П. Ойуунускай
Маайа бэйэтэ төрөөбүт, үөскээбит уонна сэттэ сылы быһа ахтан суураллыбыт дойдутугар кэлэн сэргэхсийдэ. Эрилик Эристиин
Оҕом саҥа үлэлээн эрэр. Онон санаам көтөҕүллэн, улаханнык сэргэхсийэн сылдьабын. М. Попов
хаан-сиин (Якутский → Якутский)
аат.
1. Хаан туохха эмэ (хол., таҥаска) элбэхтик биһиллибитэ, сыстыбыта. ☉ Кровь в большом количестве на чём-л. (напр., на одежде)
Болот сирэйэ бүтүннүүтэ хаан-сиин буолан хаалбыт. Н. Заболоцкай
Хайа, бу туох үлүгэр Хаан-сиин бөҕө оҥордо? И. Эртюков
Киһитин таҥаһыгар хаансиин биһиллибит. «ХС»
2. Киһи дьүһүнэ, сэбэрэтэ. ☉ Лицо, лик у человека
Даайыс саҥата суох аргыый тахсан олорон чэйдиир, хаанасиинэ кубарыйбыт. А. Софронов
Оҕонньор бэрт ис киирбэх сирэйдээх-харахтаах, хаана-сиинэ ыраас, үчүгэй баҕайы. П. Ойуунускай
Ону ааҕаат, Куоста тоҕо эрэ хаана-сиинэ чыҥха атын буола түстэ. Бэс Дьарааһын
♦ Хаана (хаана-сиинэ) алдьанна көр хаан I
Киһим хаана-сиинэ улаханнык алдьанна, санаата түстэ. Болот Боотур
Күлүгээн хаана-сиинэ алдьанара сүрдээх этэ. Е. Неймохов
Хаана (хаана-сиинэ) ирэр көр ир I. Никанор Николаевич хаана-сиинэ ирбит, майгыта тупсубут быһыылаах. А. Сыромятникова
Миша хайдах эрэ хаана-сиинэ ирэ, сэргэхсийэ түстэ, дуоһуйбут көрүҥнэннэ. Кустук. Хаана-сиинэ кэйбит (кэлбит) — 1) ыалдьан, ыран-дьүдьэйэн баран, аматыгар түспүт, үчүгэй буолбут. ☉ Появился румянец (как признак выздоровления)
Саас диэки лаппа кубарыйан, дьүдьэйэн испит Нарыйа, дьиэҕэ киирээт хаана-сиинэ кэйэн, биллэрдик тупсан барбыта. В. Яковлев
Уолан киһи уҥуоҕа кытаатан, хаана-сиинэ кэйэн, сул тиити кытта туста оонньуур буолбут. Н. Павлов
Оҕонньор арыый аматыйан, хаана-сиинэ кэлбит, сэргэхсийбит көрүҥнээх. «ХС»; 2) олус үөр, манньый, сирэйдиин-харахтыын сырдаа. ☉ Зардеться от радости, умиления
Оҕом үөрэн, хаана-сиинэ кэйдэ. П. Ойуунускай
Оҕонньор хаана-сиинэ кэйэн, саҥата көбдьүөрэн, уутугар-хаарыгар киирэн, сэһэнэ улам тобуллан барда. Болот Боотур
Хаана (хаана-сиинэ) хамсаата көр хаан I. Былааскыттан босхолонор, утарсар кыаҕа суоххуттан хааныҥ-сииниҥ хамсыыр, отуоруҥ алдьанар. Күрүлгэн
Хаана (хаана-сиинэ) ыараата көр хаан I. Дайбыров сүүһүн тириитин түрдэччи туттубутугар, хаана-сиинэ ыараабыкка дылы буолла. М. Попов
Өйө-санаата дьэ дьиҥнээхтик сайдыбыт, майгыта-сигилитэ уларыйбыт, хаана-сиинэ ыараабыт, санаата күүһүрбүт. МНН
тайах (Якутский → Якутский)
I
аат. Улахан адаар муостаах, бороҥ өҥнөөх уһун атахтаах, бөдөҥ тыа кыыла. ☉ Крупный лесной зверь серого окраса, с большими ветвистыми рогами и длинными ногами, лось, сохатый
Күн ортотун саҕана Кыараҕас үрүйэ төбөтүттэн аарыма атыыр тайаҕы туруордубут. Амма Аччыгыйа
Адаар муостаах атыыр тайах, Бөлкөй ыарҕаны силэйэн, Уу иһэ күөл диэки сиэлэр. Л. Попов
Лаҥкыы оҕонньор тайах чоҥкутун курдук толоос улахан атаҕын тус-туспа уурталаан, оргууй алтахтаан кэлбитин көрөн Хобороос дьиэтигэр ньимис гынан хаалла. А. Сыромятникова
◊ Аараҕай тайах (аар тайах) — кырдьаҕас улуу кыыл. ☉ Старый матёрый лось
Аараҕай тайах суладыйбыт Арбах бэһин эркээйи оҥостон (дабайан истим). С. Зверев. Буур тайах — баараҕай атыыр тайах. ☉ Матёрый лось-самец
Ол куруҥ ортотугар Буур тайахтар Буралла сиэлэн иһэллэрин курдук, Буордаах сыгынахтар адаарыспыттар. С. Зверев
Үтүө нуучча киһитэ үөлээннээхпэр Буур тайах Модун муоһун бэлэхтиибин. И. Гоголев. Дуул тайах — дуолан тайах. ☉ Огромный матёрый лось
Туйгун булчут дьон Дуул тайаҕы кытта Тугунан да сырсаннар Тутуспаттара чахчы. П. Тобуруокап. Лөкөй тайах — сиппит атыыр тайах. ☉ Матёрый лось-самец
Лөкөй тайах, уҥуор харбаары, Дьухха буоларын кистээн кэтэһэр. Хамсаабат күлүгэ хайаҕа хараарар. Л. Попов. Ойдоох буурай та- йах — адаархай улахан муостаах тайах. ☉ Лось-самец с ветвистыми рогами
Ойдоох буурай тайахтан Орулуос куһугар дылытын, Кыһыл эһэ адьырҕатыттан Кыыкы балыгар дылытын [бултуурум]. С. Зверев
Тайах (таба) — бараах диэн курдук. Хара түөстээх, моонньуларыгар сэксэйбит маҥан түүлээх эһэ бараахтар дабдарыһаллар, араҕас уһун атахтаах тайах бараах кэрэ дьүһүнүттэн киэн туттубуттуу чоноллор. И. Гоголев. Тайах боллору- га — тайах үөһээ сыа уоһа (күндү минньигэс аһылык). ☉ Верхняя жирная губа лося (редкое лакомство)
Уулуу турар тайах боллоругун Сиирэ хабар сиэмэх сордоҥноох Уһун сордоох эһэм олоҕун Иитимньитэ ити сордоҥноох. В. Миронов. Үөҥэс тайах — үс-түөрт саастаах тайах. ☉ Молодой трёх-четырёхгодовалый лось
Аан дойду иччитэ бу үс инибиигэ анаан, кинилэр сүүрүктэрин билээри, үстээх үөҥэс тайаҕы дьиэлэрин таһыгар аҕалан кэбиһэр. Саха ост. I. Эмньик тайах — биир сааһыгар сылдьар тайах оҕото. ☉ Лосёнок первого года жизни
Эргийэ хаамар ийэ дойдум иччитэ, Эт-сыа аһылыктаах, Эмньик тайах көлөлөөх, Элбэх кыыл иитиэхтээх Ытык Эдьилээн Куо эдьиийим, Аһаа, сиэ! Саха нар. ыр. II
ср. монг. токи ‘лось’, кет. кай ‘лось’
II
аат. Аҥаар илиигэ тутан, хаамарга тирэнэр мас. ☉ Палка для опоры при ходьбе, трость, посох
Коловоротов аҕылаан киирэн иһэн тайаҕын мүччү тутан талыгыр гыннарда. Амма Аччыгыйа
Тайахха өйөнөн эбэтэр сыарҕаҕа тиэллэн киирбит дьоннор биир ый буолан баран үтүөрэн, туох да көмөтө суох хааман тахсаллар. И. Данилов
♦ Аттаах ойбоно, сатыы тайаҕа түөлбэ. — киһиэхэ барытыгар туһалыыр, абыраллаах (саҥа ыалы алгыыр алгыска тут-лар). ☉ Сердобольный, отзывчивый, всегда готовый помочь другим (букв. прорубь для конного, посох для пешего — употр. в благопожеланиях молодожёнам)
Сатыы тайаҕа, Аттаах ойбоно, Аччыктаабыты аһатар Эһиги буолаарыҥ! С. Зверев. Аттаахтан кымньыытын, сатыыттан тайаҕын ыл- быт — былыргы иҥсэлээх баайдар тустарынан. ☉ У конного — плеть, у пешего посох отнял (о жадных ненасытных баях)
[Ньукулай:] Ити Байбал оҕонньор суохтан соролоон, дьадаҥыттан саралаан сатыыттан тайаҕын, аттаахтан кымньыытын ылан муспут баайын, үбүн ылан сиэн туһанаарыгын …… күтүөт оҕо буолан олорор сырайгын бар дьон көрбөттөр ээ! А. Софронов. Тайах-баттах бар — эһин-быһын (дьадайан, иэдээҥҥэ түбэһэн). ☉ Пойти по миру (обнищав, попав в беду). Тайахха киир — тайаҕынан сылдьар сааскар тиий (бүдүгүрэ кырый). ☉ Стать престарелым (букв. входить в посох)
Бу дойдуга, эмсэх эмэр оҕо буолан үөскээн, тайахха киирэр оҕонньор буолуохпар диэри, мин биир санааны биһирээбитим. Суорун Омоллоон. Тайахха тэптэр — 1) улаханнык ыалдьан, суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан баран аматыйан, тайахтанан хаамар буол. ☉ Ходить, передвигаться, опираясь на палку, с помощью палки после тяжёлой болезни
Саҥардыы тайахха тэптэрэн иһэн, эт, миин иһэн, тымныы чохоон сиэн, эмискэ бэргээн өлбүт сурахтааҕа. А. Софронов
Мааппа эмээхсин тайаҕар тэптэрэн туран, оронугар тиийэн, саҥата-иҥэтэ суох улаҕа диэки хайыһан сыппыта. Күндэ; 2) бүдүгүрэ кырдьан тайаҕынан сылдьар буол. ☉ Ходить с помощью палки в старческом возрасте
[Нүһэр Дархан:] Элбэх эһэни хам баттаабыт Дүлүҥ сохсо бэл эмэҕирэн Иитиллибэт буолар, мин эмиэ кырдьан Тайахха тэптэрэрим чугаһаата. И. Гоголев
Кырдьыга, кырдьыам турар… Мас тайахха тэптэриэм. С. Тарасов
◊ Абааһы тайаҕа көр абааһы
Абааһы тайаҕа эрбэһин сараҕар төбөтүн илиитин таһынан булгу сөрөөн ылар. Амма Аччыгыйа. Маҥас тайаҕа — хатыылаах эрбэһин от. ☉ Чертополох. Тайах абаҕата — маһы сиир хомурдуос. ☉ Жук-дровосек
Тайах мас көр та- йах II. Түптүр Хара киирэн кэлэр, ыаҕас тоҥолохтонуулаах, тайах мастаах. Суорун Омоллоон
Таптал диэн, бадаҕа Тайах мас кэриэтэ. И. Федосеев. Тайахтаах сулус — күһүн киэһэ илин саҕахха көстөр мэндэҥэ сулуһа. ☉ Орион
Былыргы хараҥа сахалар халлааҥҥа уонча сулуһу чопчу ыйаллара, онон ыйдараллара — Үргэли, Тоҥус араҥаһын, Халлаан сиигин, Чолбону, Тайахтаах сулуһу, Үс мэндэги сулуһу — мин итилэри да араартаабаппын. Н. Габышев
ср. др.-тюрк., тюрк., монг. тайах ‘палка, посох, трость’