Якутские буквы:

Якутский → Якутский

артыаллаа

туохт., эргэр. Доҕуһуол буол. Сопровождать, сопутствовать; соединять
«Ол тоҕо кэллиҥ», — диэтэххинэ, хороҥ айыыбыт холбообут үһү, ахтар айыыбыт артыаллаабыт үһү, Одун биис оҥорбут үһү. Саха фольк. Аалай сүрэҕэр артыаллаан, Айхалынан айан, Аһатан атаахтаппыт Аҕабыттан арахсан, Айманан эрэбин. А. Софронов


Еще переводы:

артыаллас

артыаллас (Якутский → Якутский)

туохт.
1. артыаллаа диэнтэн холб. туһ.
2. Тугу эмэни бииргэ оҥор. Делать что-л. вместе
Айдаараахтаан тураммыт Артыаллаһан айанныаҕыҥ, Өрөгөй талаан үрдээтин, Саргы-дьаалы улааттын! Саха нар. ыр. III
Батараактар артыаллаһан, иккилии-үстүү дьукаах олорор дьиэлэрин мастарын сырса-сырса кэрдэн кэбистилэр. П. Ойуунускай
Арыы хатыҥ курдуктук Артыаллаһан сылдьаммыт, Аныгы олох туһугар Айхал диэн этиэҕиҥ. Н. Степанов