Якутские буквы:

Якутский → Якутский

арыаллан

арыаллаа диэнтэн атын
туһ. Уон икки кыталык курдук кыргыттарынан арыалланан туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо барахсан, таҥас бүтэй этэ сандааран, кубалыы устан, киирэн кэлэр. Суорун Омоллоон
Мин Ханньайым, байанай буолан көрсөн, алҕаан хаалыаҕа. Эн, айыыһыт буолан, алта кыыс арыалланан, алта уол доҕуһуолланан көрсүөҕүҥ. П. Ойуунускай


Еще переводы:

сэтиилэн

сэтиилэн (Якутский → Якутский)

  1. сэтиилээ диэнтэн атын. туһ. Эт ыҥыырдар сүүрбэччэлии көтөл табаны сэтиилэнэллэрэ. Болот Боотур
    Түөрт уонча көлүүр аты сорҕотун сэтиилэнэн, сорҕотун үүрэн хас да хонук устата айаннаан өрүскэ тиийэн кэлбиппит. П. Степанов
    Торбуйах сордоох өсөһөн, сэтиилэммит быатын тардыалаһан көрөн баран, талаҕынан самыыга биэрбиттэригэр сиэлэн кусхарыйда. Тулхадыйбат д.
    Тугу эмэ состорон бар. Тянуть за собой, прицепив чем-л. (обычно верёвкой, бечевой)
    Салаасканы сыарҕаҕа сэтиилэннилэр. И. Гоголев
    Машаны сэрэнэн көтөҕөн ылла уонна тыыны сэтиилэнэн кытыыга эрдиннэ. ПИС СТС
  2. көсп. Тугунан эмэ арыаллан (хол., айылҕа көстүүтүн этэргэ); туох эмэ аргыстаах буол. Сопровождаться чем-л. (напр., о явлениях природы); быть преследуемым чем-л. (напр., мыслью)
    Алтынньы ыйы аргыстанан, сэтинньи ыйы сэтиилэнэн, Ахсынньы ый устатын тухары Ахсаабакка дьалыһытыҥ, Кэмэ суох тибэн тибилитиҥ. Саха нар. ыр. I
    Холобура суох Хотун Бүлүү Таас хайаларынан дьайыҥнаммыт, Тоҕус уон хоройор хочоломмут, Аҕыс уон аллар арыыламмыт Сэттэ уон силээн сэтиилэммит. Суорун Омоллоон
    Туой олоро, сынньана түспүт киһи диэн суос-соҕотох санааны сэтиилэнэн иһэбин. С. Федотов