- сэтиилээ диэнтэн атын. туһ. Эт ыҥыырдар сүүрбэччэлии көтөл табаны сэтиилэнэллэрэ. Болот Боотур
Түөрт уонча көлүүр аты сорҕотун сэтиилэнэн, сорҕотун үүрэн хас да хонук устата айаннаан өрүскэ тиийэн кэлбиппит. П. Степанов
Торбуйах сордоох өсөһөн, сэтиилэммит быатын тардыалаһан көрөн баран, талаҕынан самыыга биэрбиттэригэр сиэлэн кусхарыйда. Тулхадыйбат д.
△ Тугу эмэ состорон бар. ☉ Тянуть за собой, прицепив чем-л. (обычно верёвкой, бечевой)
Салаасканы сыарҕаҕа сэтиилэннилэр. И. Гоголев
Машаны сэрэнэн көтөҕөн ылла уонна тыыны сэтиилэнэн кытыыга эрдиннэ. ПИС СТС - көсп. Тугунан эмэ арыаллан (хол., айылҕа көстүүтүн этэргэ); туох эмэ аргыстаах буол. ☉ Сопровождаться чем-л. (напр., о явлениях природы); быть преследуемым чем-л. (напр., мыслью)
Алтынньы ыйы аргыстанан, сэтинньи ыйы сэтиилэнэн, Ахсынньы ый устатын тухары Ахсаабакка дьалыһытыҥ, Кэмэ суох тибэн тибилитиҥ. Саха нар. ыр. I
Холобура суох Хотун Бүлүү Таас хайаларынан дьайыҥнаммыт, Тоҕус уон хоройор хочоломмут, Аҕыс уон аллар арыыламмыт Сэттэ уон силээн сэтиилэммит. Суорун Омоллоон
Туой олоро, сынньана түспүт киһи диэн суос-соҕотох санааны сэтиилэнэн иһэбин. С. Федотов
Якутский → Якутский
сэтиилэн
энньэлэн-сэтиилэн
энньэлэн диэн курдук
Илэ-дьикти бэйэкээннээх Эдэр кыыс дьэрэликтэринэн Энньэлэнэн-сэтиилэнэн кэлиэҥ этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Төһө эмэ энньэлэнэн-сэтиилэнэн, төһө эмэ түҥүрдээхходоҕойдоох буолан, уруу бөҕөнү түһүөрүтэн, аҕаттан, ийэттэн алгыс бөҕөнү алҕанан, айдааран сүктээри туран, таҥас, иһит, энньэ мыынан кубулуналларын санаан, кинилэртэн кэлэйэн сиргэ силлиир. Эрилик Эристиин
Якутский → Русский
сэтиилэн=
1) вести на поводу за своей лошадью, упряжью кого-л. (напр. рогатый скот, лошадей и т. п.); тянуть за собой (обычно за своей лодкой, упряжью, напр. лодку); 2) перен. уст. иметь приданое (в виде определённого количества скота).
Еще переводы: