даҕ.
1. Сөбүлээбэккэ туоратар, туора көрөр. ☉ Недолюбливающий, не допускающий кого-л. в свою среду
Кэмсинэбин — Арыт алҕаһаан кэбиһэн, Атааннаах дьонум айаҕар Аһылык буоларбыттан. Л. Попов
Атааннаах дьон Атаҕастыылларын, Алларастыылларын эмиэ амсайбытым. В. Гольдеров
2. Аймалҕаннаах, утарсыылаах. ☉ Противоречивый
Түбүктээх олох көстүбэт мас сухата Сирэйдэрин дириҥник да хоруйбут, Атааннаах үйэ ыар сэмэтэ-суҥхата Кинилэри муударай оҥорбут. С. Данилов
Мин сотору атааннаах аан дойдуттан арахсыам, Онон орто дойду олоҕун долгуна Миигин долгуппат буолан турар. И. Гоголев
Якутский → Якутский
атааннаах
атааннаах- мөҥүөннээх
фольк. Охсуһуулаах, түрбүөннээх, иирээннээх, аймалҕаннаах (олоҥхоҕо аан дойдуну бөлөһүөктүү анаарар хоһоон көһөр олугуттан). ☉ Беспокойный, тревожный, полный раздоров, борьбы (из формулы олонхо, философски живописующей древнюю эпическую страну, вселенную, мир)
Ону ааһа көрдөҕүнэ — аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дойдуларын хаба ортотугар аҕыс салаалаах Аар Кудук Мас үүммүт эбит. Ньургун Боотур
Аҕыс иилээх-саҕалаах Атааннаах-мөҥүөннээх Айгыр-силик Аан ийэ дайдыбытыгар Ат таппатынан Аньыы баҕадьы Ааҥнаабыт эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ дойдуга уол оҕо барахсан эрэй бөҕөнү эрэйинэн тэлэргэ, муҥ бөҕөнү муннунан тыырарга ананан айыллар буоллаҕа эбээт. Далан
Еще переводы: