Якутские буквы:

Якутский → Русский

аһатынньаҥ

хлебосол.

Якутский → Якутский

аһатынньаҥ

аат. Ыалдьытымсах киһи. ☉ Хлебосол
Аһатынньаҥынан алыс, Бэринньэҥинэн бэрт, Хоноһомсоҕунан олус, Баҕадьыга барбыта баар, Урууга ойбута баар, Ыалга ыстаммыта баар. Өксөкүлээх Өлөксөй. Ира ыалдьыттарыгар эйэҕэстэн эйэҕэс, аһатынньаҥ буолуо. А. Федоров


Еще переводы:

хоноһомсох

хоноһомсох (Якутский → Якутский)

даҕ. Хоноһолоох буоларын сөбүлүүр, ыалдьытымсах. ☉ Радушный, приветливый к гостям, гостеприимный
Аһатынньаҥынан алыс, Бэринньэҕинэн бэрт, Хоноһомсоҕунан олус. Өксөкүлээх Өлөксөй
Биһиги дьоммут бары эйэ-дэмнээх, наһаа хоноһомсох дьон эбиттэр. «Чолбон»

бэринньэх

бэринньэх (Якутский → Якутский)

даҕ. Үбүнэн, аһынанүөлүнэн о. д. а. дэлэйдик көмөлөһөр. ☉ Нежадный, щедрый
Аһатынньаҥынан алыс, Бэринньэҕинэн бэрт, Хоноһомсоҕунан олус. Өксөкүлээх Өлөксөй
Үлүскэн үптэргин, Бараммат баайдаргын, Бэринньэх бэйэҕин Биһиги билэрбит. А. Софронов
[Сэмэн Ситиикэп:] Сүүрбэ сүүстэн итэҕэһи биэриэхтэрэ суоҕа, тыа сиргэ олорооччулар [оҕонньоттор] бэрт бэринньэх буолаллар. Н. Түгүнүүрэп

байанайдаах

байанайдаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Байанайа көмөлөһөр, ордук табыллар, баартаах. ☉ Имеющий своего Баяная, покровительствующего охоте, удачливый в охоте
Байанайдаах тыа. Байанайдаах сааһыт. Байанайдаах эбэ. —Николай Николаевич булка улахан дьоҕурдаах, байанайдаах киһи. «Кыым»
Билигин мин үөлээннээхтэрим буспут-хаппыт, баараҕадыйбыт баай байанайдаах сонордьуттар. «Кыым»
♦ Байанайдаах булчут – табыллымтыа, соргулаах булчут, балыксыт. ☉ Удачливый охотник или рыболов
Баһылаас эдэригэр байанайдаах булчут эбитэ үһү. НАГ ЯРФС I
[Ичээнэп оҕонньор – Миичээҥҥэ:] Эн эһэҥ, аҕаҥ байанайдаах барахсаттар этилэр. Эн даҕаны кинилэр курдук байанайдаах булчут буолсуккун. А. Кривошапкин (тылб.)
◊ Байанайдаах баай хара тыа поэт. – дэлэй булду-алды тэбэн биэрэр аһатынньаҥ тыа. ☉ Богатый промыслами благодатный лес, щедро одаривающий людей
Наарынан холбуу бааллыбыт саһыллар уонна саарбалар, кырсалар уонна тииҥнэр – байанайдаах баай хара тыа үрүҥ-хара кылааннааҕын эгэлгэтэ биир сиргэ кырыытынан кыстаммыт. Л. Попов
Байанайдаах баай хара тыам Бастыҥ булда дьэ бултанна. С. Зверев