Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хоноһомсох

даҕ. Хоноһолоох буоларын сөбүлүүр, ыалдьытымсах. ☉ Радушный, приветливый к гостям, гостеприимный
Аһатынньаҥынан алыс, Бэринньэҕинэн бэрт, Хоноһомсоҕунан олус. Өксөкүлээх Өлөксөй
Биһиги дьоммут бары эйэ-дэмнээх, наһаа хоноһомсох дьон эбиттэр. «Чолбон»


Еще переводы:

аһатынньаҥ

аһатынньаҥ (Якутский → Якутский)

аат. Ыалдьытымсах киһи. ☉ Хлебосол
Аһатынньаҥынан алыс, Бэринньэҥинэн бэрт, Хоноһомсоҕунан олус, Баҕадьыга барбыта баар, Урууга ойбута баар, Ыалга ыстаммыта баар. Өксөкүлээх Өлөксөй. Ира ыалдьыттарыгар эйэҕэстэн эйэҕэс, аһатынньаҥ буолуо. А. Федоров

бэринньэх

бэринньэх (Якутский → Якутский)

даҕ. Үбүнэн, аһынанүөлүнэн о. д. а. дэлэйдик көмөлөһөр. ☉ Нежадный, щедрый
Аһатынньаҥынан алыс, Бэринньэҕинэн бэрт, Хоноһомсоҕунан олус. Өксөкүлээх Өлөксөй
Үлүскэн үптэргин, Бараммат баайдаргын, Бэринньэх бэйэҕин Биһиги билэрбит. А. Софронов
[Сэмэн Ситиикэп:] Сүүрбэ сүүстэн итэҕэһи биэриэхтэрэ суоҕа, тыа сиргэ олорооччулар [оҕонньоттор] бэрт бэринньэх буолаллар. Н. Түгүнүүрэп