Якутские буквы:

Якутский → Якутский

балахай

  1. аат. Киһи этигэр хаан турбута, хаан бөлүөхсүбүтэ (туох эмэ тастыҥ дьайыыттан). Синяк, кровоподтек на теле человека (от внешних воздействий)
    Көр эрэ! Хараҕа бу курдук күөх балахай буолан хаалбыта буолбат дуо? Эрилик Эристиин
  2. даҕ. суолт. Хаан бөлүөҕүн курдук хойдон көстөр. Темно-красный (как запекшаяся кровь)
    Уон дэгиэ тарбаҕынан хаахыр-хаахыр тарбанна, онтон ылан ытыһын көрбүтэ, ытыһа барыта хара балахай хаан буолан таҕыста. Саха фольк. Ол күн Аралы маҥан халлааҥҥа Хара балахай Ыас хара былыттар Өрүтэ сырсан үөмэхтэспиттэрэ. П. Тобуруокап. Тэҥн. балах, баламах

Еще переводы:

балах

балах (Якутский → Якутский)

  1. аат. Туох эмэ харааран киртийбитэ, дьабаҕырбыта (хол., кумааҕы). Что-л. запачканное, замазанное, загрязненное (напр., бумага)
    Гавриил кэргэниттэн Марияттан сурук туппуттааҕа. Хара балах буолбут, сорох сиринэн чэрэниилэтэ силбэспит суругу сибилигин даҕаны сиэбигэр укта сылдьар. А. Данилов
  2. даҕ. суолт. Хойдон хараҥаран көстөр. Темный, близкий по цвету к черному
    Хара балах былытынан Хаххалаата халлаан күнүн. Хардырҕас хаар хаһыҥынан Хампарытта сир-уот күөҕүн. Ф. Софронов
    Баай хара тыата Бараммат буолан барда, Балах ньоҕой Маардар баҕайылар Баар буолуталаатылар. П. Тобуруокап. Тэҥн. балахай