Якутские буквы:

Якутский → Якутский

баллырҕай

даҕ., кэпс. Чуолкайа суох, көлөттүгэс (хол., саҥа). ☉ Неотчетливый, невнятный (напр., о речи)
Сордоҥ ойуун диэн баллырҕай саҥалаах сирэйэ мэлдьи ханньарыта тыыта сылдьар, эдэр албын баар буолла. Амма Аччыгыйа


Еще переводы:

быччаҕар

быччаҕар (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Лоппойо, быччайа сылдьар (харах туһунан). ☉ Пучеглазый
    Сордоҥ ойуун диэн, баллырҕай саҥалаах, сордоҥ курдук быччаҕар харахтаах, сирэйэ мэлдьи ханньарыта тыыта сылдьар эдэр албын бандьыыттарга баар буолла. Амма Аччыгыйа
    Доропуун — быччаҕар харахтарын өссө кэҥэтэн, уҥа-хаҥас, туоһуларым бу бааллар диэбиттии, олооруҥнуур. П. Чуукаар. Уол кэтээччилэргэ туһаайан: «Тоҕо эһиги итиччэ улахан быччаҕар харахтааххытый?» Эвен фольк.
  2. аат суолт., үөхс. Акаары, аҥала, оттомо суох киһи. ☉ Дурак, глупец, негодник
    Туох акаары абааһытай? Хата, Быртах дьыалатыттан быыһыырга быһаардым дии, быччаҕар! Быыһаан иһиттиҥ дуо? А. Софронов
    Аттыгар турар киһитэ: «Хайа, оҕонньор, туох кэллэ?» — диэн айахтатта. «Ити быччаҕар, Сэбирдэх ыамата, кыраабыкка дылы, ойбоммун үөнүнэн тамнаабыта, туох кэлиэй». Амма Аччыгыйа
    Ханна бардыҥ, быччаҕаар?! Суха суолугар киир. Болот Боотур