Якутские буквы:

Якутский → Якутский

барсымахтас

барсымахтаа диэнтэн холб. туһ. Кини, Бахсырыйа даҕаны, таҥара көмөтүнэн хороҕор муостааҕын, сыспай сиэллээҕин ахсаанынан аатырбыт баайдары кытта барсымахтаһар ини. Софр. Данилов
Хара дьай, куһаҕан быһыы араас кубулҕатын ойуулааһыҥҥа үрүҥҥэ утары өйдөбүллээх хара өҥ барсымахтаһар буолуохтаах. ФЕВ ДьС


Еще переводы:

тардыалас

тардыалас (Якутский → Якутский)

  1. тардыалаа диэнтэн холб. туһ. Бааска сүгэтин төттөрү кыайан ылбакка тардыалаһан ньохоохтоото. Н. Павлов
    Сотору ким эрэ тордох аанын тардыалаһар. И. Данилов
  2. көсп., кэпс. Эгил-тэгил күүстээх-уохтаах буолан, тэҥҥэ киирсис, барсымахтас (күрэс былдьаһыытыгар). Тягаться, состязаться с кем-л., имея равные силы, иметь с кем-чем-л. равные шансы на успех
    Кинилэр [Уус-алданнар сүүрүк аттара] өрөспүүбүлүкэҕэ киирэн бастыҥ сүүрүктэрдиин тардыалаһар буолаллара. «Кыым»
    Кэлиҥҥи сайыннарга Сэмэнньэй салайар …… сибэниэтэ оройуоҥҥа бастаан, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны добуочча тардыалаһан, массыына, матасыыкыл пуондаларын ылыталаабыт. П. Аввакумов
    Кини маастардары кытта тэҥҥэ тардыалаһара, улахан көбүөргэ тустубут элбэх уопуттааҕа. ПАК СБМ