Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бахсый

дьүһ. туохт. Кэтит, улахан, ол гынан баран тииһэ суох буолан хапсыйбыт, мырчыстан уолбут сирэйдээх буол. Иметь широкое, большое, когда-то мясистое, но теперь дряблое от старости лицо
Туйаара сапсыйан кэбиһээт, туран барыаҕын, ийэтэ эмискэ кырдьан бахсыйбыт сирэйин өйдөөн, туттунна. «Сахаада»

Якутский → Русский

бахсый=

образы, иметь короткое толстое лицо в складках.


Еще переводы:

бахсылын

бахсылын (Якутский → Якутский)

бахсый диэнтэн бэй., атын
туһ. Бараан сэлиэччиктээх, кыһыл, доруобай киһи бахсыллан тахсан: «Миэстэ суох, ылбаппын», – диэтэ. Далан

бахсырый

бахсырый (Якутский → Якутский)

I
бахсый диэнтэн хамс
көстүү. Сыарҕалар тастарыгар кулахачыйа сылдьар Тумара Киргиэлэй аттыгар бахсырыйан тиийдэ. Болот Боотур
II
туохт.
1. Иҥсэлээхтик, тыастаахтык уобалаа; омурдуталаа. Есть с жадностью, громко чавкая, захлебываясь
Лөгөнтөй аһаан бахсырыйа олорор уолун Баҕыстайы сэмэлээтэ. Р. Кулаковскай
Эһэ тоҕо-хоро сиэн бахсырыйа испитэ, айаҕын тыаһа ньамыгырас буолбута. Суорун Омоллоон
Миини тэриэлкэтиттэн чэй курдук киллиргэччи иһэрэ, ол аһаан-сиэн бахсырыйа олороро көрүөххэ дьулаан этэ. И. Гоголев
2. Тыастаахтык, хаһыҥыраан эрэр курдук муннугунан тыын. Судорожно, шумно втягивать воздух носом (напр., всхлипывая)
Кэннилэригэр сытырҕаан бахсырыйар мурун тыаһа иһиллибитэ. Р. Кулаковскай
Эмээхсин бүтүн бэйэтэ көбүөхтээн ытаан бахсырыйан барда. М. Доҕордуурап
Графиня ытаан бахсырыйбытынан кыыһын түөһүгэр бүк түспүтэ. Л. Толстой (тылб.)