Якутские буквы:

Якутский → Якутский

баҕараахтаа

баҕар I диэнтэн атаах. Бары баарбыт тухары Бачыгыраһан тураммыт Баҕараахтаан хаалыаҕыҥ. А. Софронов
Тээтэҥ барахсан эн улахан киһи буола охсуоххун наһаа баҕараахтыыра. Н. Якутскай


Еще переводы:

майаҕастык

майаҕастык (Якутский → Якутский)

сыһ. Эйэҕэстик, истиҥник. ☉ Искренне, нежно, ласково
Майаҕастык санаспыт Маанылыыра доҕор бут …… Бааралааҕын батыһан, Бастыҥ олох баһыгар Бараахайдыыр күнүгэр Бастыҥ олох туһа диэн …… Баҕараахтаан хаалыаҕыҥ. А. Софронов

тээтэ

тээтэ (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ.
1. Аҕа. ☉ Отец
— Тээтэ диэн аҕабыыт дуо? — Аҕабыыт буолбатах, мин аҕам. Болот Боотур
Тээтэҥ барахсан эн улахан киһи буола охсуоххун наһаа баҕараахтыыра. Н. Якутскай
[Ньаака:] Ийээ! Баҕар, биһиги тээтэбит буолуо. Харысхал
2. эргэр. Таҥара үлэһитэ, аҕабыыт. ☉ Священник
Өндүрэй оҕонньор эмээхсинэ таҥаралаабыт, тээтэ онно баран кэллэ. А. Софронов
Баачыка диэн таҥара киһи, тээтэ. Болот Боотур
Кугас баттахтаах тээтэ дьону биирдиибиирдии ыҥыртыыр. «ХС»
русск. тятя