Якутские буквы:

Якутский → Якутский

баһаамнык

сыһ., кэпс. Олус элбэхтик, дэлэйдик; күүскэ. В большом количестве, очень много; очень сильно
Баһаамнык, халыҥнык үөрдээччи Бараахтар хайдах-туох сылдьаллар. Күннүк Уурастыырап
Барыска баһаамнык баҕарда, Харчыга хатаннык хараҥарда. А. Софронов
Баһылык буолбуккун истэн баһаамнык да үөрдүм. Р. Баҕатаайыскай

баһаам

  1. даҕ., кэпс.
  2. Элбэх ахсааннаах, үгүс. Имеющийся в большом количестве, многочисленный
    Ол туох да баһаам суумалаах таһаҕаһы ардах ылан эрэр үһү. Күндэ
    Одунчалар сыл ахсын эбэттэн баһаам оту хотороллор. Күннүк Уурастыырап
    Харчы баһаам, Сеня. Ол эрээри кини мин хармааммар сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо кэриэтэ. Н. Лугинов
  3. Даҕааһыҥҥа сыстан даҕааһын суолтатын күүһүрдэн биэрэр олус, аһара диэн суолталанар. Примыкая к прилагательным, усиливает их смысл, по значению близко к словам очень, чрезвычайно
    Кини баһаам элбэх эҥин сибэккилэри илиитигэр туппут. М. Доҕордуурап
    [Борохуот] Барык хара былытым Барыйан тахсан иһэрин курдук Баһаам улахан баарсалардаах эбит. Саха нар. ыр. II
  4. аат суолт. Туох эмэ олус дэлэгэй, элбэх буолуута, үгүс ахсааннаныыта. Очень большое количество, число кого-чего-л., множество
    От баһаама, уйгу дэлэгэйэ киниэхэ сытар эбит! Күннүк Уурастыырап
    «Баһаамы өлөрдүбүт буолбаат», – Пуд Ильич бэркэ астыммыт көрүҥнээх, кус этин сиэн хадьырыйар. Далан

Якутский → Английский

баһаам

a. abundant


Еще переводы:

множество

множество (Русский → Якутский)

с. баһаам, көй, бэрт элбэх; множество книг баһаам кинигэ.

масса, множество, уйма

масса, множество, уйма (Русский → Якутский)

сущ
(мн. ч. нет)
баһаам элбэх

тьма

тьма (Русский → Якутский)

II ж. разг. (множество) хараҥа элбэх, хара баһаам; тьма народу хара баһаам дьон; # тьма-тьмущая разг. хараҥа элбэх, хара баһаам.

видимо-невидимо

видимо-невидимо (Русский → Якутский)

нареч. разг. харах ылба-тынан, хара баһаам.

уйма

уйма (Русский → Якутский)

ж. разг. баһаам элбэх, кэмэ суох; уйма денег баһаам элбэх харчы.

колоссальный

колоссальный (Русский → Якутский)

прил. баараҕай улахан, баһаам элбэх; колоссальные запасы нефти нефть баһаам элбэх саппаастара.

арсенал

арсенал (Русский → Якутский)

м. 1. воен. арсенал (сэрии сэбин ыскылаата); 2. перен. арсенал, баһаам элбэх; целый арсенал пособий баһаам элбэх пособие.

прудить

прудить (Русский → Якутский)

несов. что быһыттаа, уута халыт; # хоть пруд прудй хара баһаам, кэмэ суох элбэх.

быччаҕаркаан

быччаҕаркаан (Якутский → Якутский)

быччаҕар диэнтэн аччат. Быһыйыкаан атахтаах, Быччаҕаркаан харахтаах, Кылбаа маҥан куобахчаан кыһалҕата сүр баһаам. НА ТЧУ

дьэдьэннэс

дьэдьэннэс (Якутский → Якутский)

дьэдьэннээ диэнтэн холб. туһ. Ньургуу быйыл туһата баһаам: отонносто, дьэдьэннэстэ, от оттосто, ынах хомуйда