туохт., кэпс.
1. Тугу эмэ лэбиргээн тыаһыыр курдук оҥор (хол., тугу эмэ быраҕаттаан, эһиэлээн). ☉ Производить чем-л. лёгкий шлепок (напр., бросая землю лопатой)
«Үүнүү» холкуос үлэһиттэрэ, Үөл ойуур кэтэҕэр Үһүс хотоннорун бүтэрэн, Үрдүгэр буор ыһан лэбиргэттилэр. С. Васильев
2. кэпс. Хойуу аһы түргэн-түргэнник баһыалаан сиэ. ☉ Черпая ложкой, есть с аппетитом что-л. густое, хлебать, пришлёпывая губами
Сүөдэр Сүөдэрэбис …… килиэби мотуйда, сугуннаах сүөгэйи лэбиргэттэ. П. Аввакумов