аат. Киһини итирдэр утах. ☉ Алкогольный напиток, вино
Арыгы адьарай Акаарыларга ас. А. Софронов
Арыгыга үөрэнимэ — үөрэн мас суорарга, от охсорго. ТХХ АС
Бачча кырдьыахпар диэри арыгыны эккирэтэн испэтэх киһибин. С. Ефремов
тюрк. аракы, монг. архи
◊ Арыгыга баттатыы — наһаа элбэх арыгыны иһэн ыалдьыы. ☉ Сильное похмелье. Арыгыга ылларыы — арыгыны эккирэтэ сылдьан иһэн арыгыһыт буолуу. ☉ Алкоголизм. Арыгыга ылларыы — ыарахан ыарыы. Арыгыттан ииримтийии — тохтообокко өр кэмҥэ арыгы иһииттэн төрүттээх өй санаа, ньиэрбэ айгырааһыныгар тиэрдэр ыарахан ыарыы. ☉ Белая горячка. Арыгыттан ииримтийии билигин да баар көстүү буолар. Кыһыл арыгы — үксүн виноградтан оҥоһуллубут кыһыл өҥнөөх арыгы. ☉ Красное вино; вино, изготовленное чаще из винограда. Остуолга кыһыл арыгыны уурдулар. Үрүҥ арыгы — испиир ууламмыта. ☉ Водка; разбавленный спирт
Өлөөнө ас киллэрэр, чаанньыктан чэй кутар уонна кыра кыраппыыҥҥа үрүҥ арыгы, үрүүмкэ аҕалар. С. Ефремов