Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бизнес

аат. Барыс, дохуот киллэрэр туһугар тугу эмэ эргинэн, үлэлээн дьарыгырыы. Бизнес
Бука, харчыны, бизнеһи оҥорор дьорҕоот дьоннор майгылара-сигилилэрэ даҕаны атын буолуохтаах. К. Уткин


Еще переводы:

биисинэс

биисинэс (Якутский → Якутский)

бизнес

урбаан

урбаан (Якутский → Русский)

бизнес, предпринимательство; деловой дьоҕус урбаан малый бизнес

урбаан

урбаан (Якутский → Якутский)

  1. аат. Тугунан эмэ эргинии, эргиэн биисинэһэ. Занятие торговлей, бизнес
    Түмсүү аата да этэрин курдук, тимир суол кэллэҕинэ дьоҕус уонна орто урбааҥҥа сөптөөх усулуобуйаны тэрийии тула дьүүллэстилэр. «Кыым»
    Ол кэннэ «Былаас уонна биисиинэс» диэн урбааны өйүүр мунньах ыытыллыбыта. «Саха с.». Урбаан, бырамыысыланнас уонна тырааныспар салаатыттан бу нүөмэргэ эрийэн билсиҥ. «Сахаада»
  2. даҕ. суолт.
  3. Эргиэн биисинэһинэн, эргиниинэн дьарыктанар. Занимающийся торговлей, торговым бизнесом
    Саҥа табаар Сыаналааҕын, үчүгэйин Билсэр дьонноругар Уон тарбах уунуута оҥорор Урбаан бэрэдэбиэстэри Уодьуганнаан иһиэххэ. Р. Баҕатаайыскай
    Тыа хаһаайыстыбата уонна урбаан министиэристибэтэ үтүө дьыала чэрчитинэн бэриллэр үп барыта биир сыалга-сорукка туттуллуутун болҕомтоҕо ылыахтаахтар. «Кыым»
  4. көсп. Оҕуруктаах, эргитиилээх өйдөөх. Оборотистый, расчётливый. Огдообо Торговкина майгы-сигили өттүнэн эдэрдэри сатарытар урбаан өйдөөх. Р. Баҕатаайыскай
    Балааҕыйа сэмээр саныыр: «Урбаан кийиит түбэспитэ Уолбун эргиччи да тэптэ». Эрчимэн
    Суоллара-иистэрэ көстүбэт үлэлээхтэр, урбаан дьоннор биһиэхэ өссө да бааллар. Л. Габышев
    ср. монг. урвах ‘оборачиваться; передавать’