I
аат., эмп. Туох эмэ эчэйиини, бааһы бэрэбээскэлииргэ туһаныллар маарыла лиэнтэ. ☉ Бинт
Бааһырбатах байыастартан ньиэмэстэр дьэҥдьийэн, бэрэбээскэ биинтэлэрин былдьаан ылбыттара. ССС
II
аат., тех
1. Тугу эмэ туттарарга, холбуурга аналлаах, эрийэн киллэриллэр тоһоҕо курдук тимир чаас. ☉ Винт (стержень со спиральной нарезкой). Биинтэни эрийэн киллэр
2. Сөмөлүөтү эбэтэр суудунаны хамсатарга аналлаах, бэйэтин киинин тула эргийэр салбахтардаах оҥоһук. ☉ Винт (самолета или судна)
Биирдэ акустиктар өстөөх хараабылларын биинтэлэрэ тыаһыылларын истибиттэр. ССС
3. Саа уоһун ис өттүнэн устатын тухары испирээллии эриллэн тахсар буулдьа көнөтүк барарыгар туһалаах хаһыы. ☉ Нарезка (оружия)
Бинтиэпкэ биинтэлээх күөх иһэ күлүмнүүр. Эрилик Эристиин
◊ Биинтэ саа эргэр. – бинтиэпкэ. ☉ Винтовка
Биинтэ саабын бэркэ диэммин Билгэлээн көрбүтүм: Биэс сиринэн Бэлиэ баҕайытык бэттэн хаалан Бэйдиэннээн барбыт эбит. Саха нар. ыр. II