Якутские буквы:

Якутский → Якутский

боллуон

аат. Туох эмэ анал убаҕаһы эбэтэр гааһы тутар иһит. ☉ Баллон. Массыына боллуон бөҕө тиэммит. Боллуонтан ыстардылар. Боллуону туруору тут.
□ Гаас боллуона биһиэхэ хаһан кэлиэҕэй. «Кыым»
Боллуону, бытыылканы эрдэттэн бэлэмнээн кэбиһиллиэхтээх. Дьиэ к.


Еще переводы:

амынньыар

амынньыар (Якутский → Якутский)

аат. Мас синньигэс, хаппыт лабаата, мутуга. ☉ Сухие сучья, хворост
Отуу уота кураанах амынньыары күлүбүрэччи сиэн, өрө күүдэпчилэннэ. Н. Заболоцкай
[Уйбаан] онтон тэйиччи баран амынньыары хомуйан көтөҕөн аҕалан, боллуон таһыгар «сарк» гына бырахта. Р. Кулаковскай
Күнүс эбэбинээн иккиэн тыаҕа тахсан амынньыар хомуйабыт. «ХС». Тэҥн. абырҕал

тиҥиргэт

тиҥиргэт (Якутский → Якутский)

  1. тиҥиргээ диэнтэн дьаһ. туһ. Ынахтарын кырбаан тиҥиргэтэр. А. Фёдоров
    Бииктэр таһыттан олуурдаах аанын бокуойа суох тэбиэлээн тиҥиргэттэ. Л. Попов
    [Уйбаан] бастаан [боллуону] сүгэнэн уһаты охсуолаан тиҥиргэттэ. Р. Кулаковскай
  2. Бүтэҥи тыаһы таһааран тыын. ☉ Дышать, издавая гулкий звук
    Калмыков ыараханнык ынчыктаан тиҥиргэтэр. Амма Аччыгыйа
    Кэнгэдэ иһин түгэҕиттэн дириҥник ынчыктаан тиҥиргэппитэ. Далан
    Кини сотору-сотору кыатана сатыы-сатыы ынчыктаан тиҥиргэтэрэ. Е. Неймохов
сиэһилээ

сиэһилээ (Якутский → Якутский)

туохт. Тугу эмэ кытта сибээстээ, туохтан эмэ сиэттэрэн таһаар (үксүн урут сыһ. туохт. ф-тыгар тут-лар). ☉ Связывать, увязывать с чем-л. (обычно употр. в ф. деепр. на -ан)
[Уйбаан] массыына алдьаммыт боллуона сытарын көрдө. Онтон сиэһилээн эргим-ургум көрүтэлээбитэ. Р. Кулаковскай
Күһүн Александр, Платонунан сиэһилээн, Емельян Ярославскай тэрийбит кистэлэҥ политическай куруһуогар киирбитэ. Д. Кустуров
Итинтэн [санаабыттан] сиэһилээн оҕо сааспыттан бэлиэ кэмнэр сэмнэхтэрэ кииртэлээн бардылар. «ХС»