Якутские буквы:

Якутский → Русский

болтуо

пальто (короткое); полупальто.

Якутский → Якутский

болтуо

аат. Халтаҥ сон. Пальто
Куонаан хара билиис болтуону бобо курданан кэбиспит. Н. Неустроев
Болтуолаах киһи ааһан эрэрэ. Амма Аччыгыйа
Кылгас болтуолаах, андаатар бэргэһэлээх Дьөгүөссэ тахсан кэллэ. В. Протодьяконов


Еще переводы:

пальто

пальто (Русский → Якутский)

с. нескл. сон, болтуо; ходить в пальто сонноох сырыт.

ньэлбэгэйдэн

ньэлбэгэйдэн (Якутский → Якутский)

көр нэлбэгэйдэн
Артамонов болтуотун санныгар ньэлбэҕэйдэнэн Алексейтан бэлэхтэппит …… болчуохтаах тайаҕын ылбыта. М. Горькай (тылб.)

хайыппахтаа

хайыппахтаа (Якутский → Якутский)

хайыт диэнтэн тиэт
көрүҥ. Маһын хайыппахтаан баран, Миитэрэй болтуотуттан табах ылан хамсаҕа уурунна. Амма Аччыгыйа

орос

орос (Якутский → Якутский)

ороо диэнтэн холб. туһ. Ууга түстэххэ ороспот сыганныылар (өс хоһ.)
[Тогойкин болтуотун] саҕатынан хаар киирэн, көхсүн тымныынан хаарыйбахтаата. Аны ону ороһон мөҕүстэ. Амма Аччыгыйа

нэлэккэйдэн

нэлэккэйдэн (Якутский → Якутский)

көр нэлэркэй дэн
[Сэмэн] көҕөччөр түрүкүө кылгас болтуотун нэлэккэйдэммит, көлөһүннээх маҥан тиит баккытын өрө ньыппарыммыт. Амма Аччыгыйа
Толя бинсээгин нэлэккэйдэнэн, хаҥас илиитин сиэбигэр уктан …… олоппоһугар тиэрэ түһэн олорон, болҕомтолоохтук хаартысканы одуулуур. Далан

тилигирэччи

тилигирэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Биир тэҥ тэтимнээхтик, тилигирэс тыастаахтык. Наречие от тилигирээ
Маҥан таас хайа икки ардыгар хотой кыыл тилигирэччи мөхсөр үһү (тааб.: тыл). Кини [Тогойкин] болтуотун нэлэркэйдэнэн баран, тилигирэччи сахсыммахтаата. Амма Аччыгыйа
Сэргэй түүннэри тилигирэччи айаннаан Батуми куоракка халлаан сырдыыта тиийдэ. Дылбаны

бүлгүгүр

бүлгүгүр (Якутский → Якутский)

даҕ. Көҕөн этэ күүскэ сайдан, санна бытыылка моонньунуу мүлүгүр быһыыламмыт. Покатый (о плечах)
Күүстээх Уйбаан бэйэтэ ортону үрдүнэн уҥуохтааҕа, толору эттээҕэсииннээҕэ, бүлгүгүр сарыннааҕа, хатыллаҕас быччыҥнаах уһун илиилээҕэ. ТГС ЫА
Оҕонньор Буобура сыыһа Болтуо сонун Бүлгүгүр санныгар Бүрүнэ бырахта. С. Васильев
Үрүт күүстээххэ дылы бүлгүгүр көрүҥнээх, Алын тирэхтээххэ дылы Айгыгыр быһыылаах Күтүр өстөөх буолла. С. Васильев

гардероб

гардероб (Якутский → Якутский)

аат.
1. Таҥаһы ыйыыр ыскаап. Гардероб (шкаф для одежды)
Гардероб анныгар лиэнтэлэр ыһылла сыталлар. Л. Попов
Ольга Ньикиит болтуотун гардеробка киллэрэн ыйаата. Н. Габышев
2. Тэрилтэ дьиэтигэр тас таҥаһы ыйыыр хос. Гардероб (помещение в общественном здании для хранения верхней одежды)
Сеня бастакы этээскэ түһэн гардеробтан сонун ылан кэттэ. Н. Лугинов. Кафеҕа, остолобуойга, рестораҥҥа үгүстэригэр гардероб баар буолар. ЭХК

итт энэ

итт энэ (Якутский → Якутский)

сыһ. Көхсүгүнэн тиэрэ түһэн (сыт, оҕун). На спину, навзничь, на спине (падать, лежать). Ньургун Боотур, өрө тыыллан чиччигинии түһэн баран, хаһыытаабытынан, сымара хара тааска иттэнэ түһэр. П. Ойуунускай
Болтуобунан саптан, ороҥҥо иттэнэ түһэн, утуйан хаалбыт эбиппин. Амма Аччыгыйа
Массыына анныгар биир суоппар иттэнэ сытан тугу эрэ хасыһар. Р. Кулаковскай

ыйан

ыйан (Якутский → Якутский)

ыйаа диэнтэн атын., бэй
туһ. Купе иһигэр эргэрэ барбыт саһархай сэлээппэ уонна хара сукуна болтуо ыйанан тураллар. Амма Аччыгыйа
Сарсыарда аҕыс чааска ыйаммыппыт [тустууктар] уонна хойутуу саҕалыахтара дии санаан, тото аһаатым. Е. Неймохов
Флегонтов Уһун Мэхээлэ дьиэтин таһыгар кэлэн ыйанан өлбүт. Эрилик Эристиин