Якутские буквы:

Якутский → Русский

бүлгүгүр

покатый (о плечах).

Якутский → Якутский

бүлгүгүр

даҕ. Көҕөн этэ күүскэ сайдан, санна бытыылка моонньунуу мүлүгүр быһыыламмыт. Покатый (о плечах)
Күүстээх Уйбаан бэйэтэ ортону үрдүнэн уҥуохтааҕа, толору эттээҕэсииннээҕэ, бүлгүгүр сарыннааҕа, хатыллаҕас быччыҥнаах уһун илиилээҕэ. ТГС ЫА
Оҕонньор Буобура сыыһа Болтуо сонун Бүлгүгүр санныгар Бүрүнэ бырахта. С. Васильев
Үрүт күүстээххэ дылы бүлгүгүр көрүҥнээх, Алын тирэхтээххэ дылы Айгыгыр быһыылаах Күтүр өстөөх буолла. С. Васильев


Еще переводы:

айгыгыр

айгыгыр (Якутский → Якутский)

даҕ. Киэҥ-куоҥ, модьутаҕа. Широкий, широко расставленный
Алын күүстээххэ дылы, Аллараа өттө Айгыгыр быһыылаах, Үрүт күүстээххэ дылы, Үөһээ өттө Бүлгүгүр сарыннаах. С. Васильев

хатыллаҕас

хатыллаҕас (Якутский → Якутский)

даҕ. Туохха эмэ эриллэн, эрийэ үүммүт, эриллэҕэс; эрийэ саастаах (мас туһунан). Закрученный, скрученный; свилеватый (о дереве)
Эриллэҕэс тиит курдук илиилээх эбит, хатыллаҕас тиит курдук харылаах эбит. Саха фольк. Ириҥэнэн силлиир Эриллэҕэс тэтиҥнээх, Хаалыйан хаахтыыр Хатыллаҕас хатыҥнаах. Күннүк Уурастыырап
[Күүстээх Уйбаан] бүлгүгүр сарыннааҕа, хатыллаҕас быччыҥнаах уһун илиилээҕэ, сытыы сирэйдээҕэ-харахтааҕа. ТГС ЫА