1. послелог, упр. осн. п. 1) за; бу дьыала иһин эн эппиэттиигин за это дело отвечаешь ты; көмөҕүт иһин баһыыба спасибо за помощь; кинигэ иһин биир солкуобайы төлөөтүм за книгу я уплатил рубль; бу иһин за это; туох иһин за что; ким иһин за кого; 2) за, во имя; Ийэ дойду иһин во имя Родины; 2. союз 1) хотя, несмотря на; тылбыт атынын иһин санаабыт биир хотя говорим мы на разных языках, но идеи у нас одни; 2) оттого, из-за того, потому, поэтому; дьон үгүс өттө суоҕун иһин мунньах буолбата из-за отсутствия большинства собрание не состоялось; 3) для того, чтобы; үрдүк үүнүүнү ылар иһин күүспүтүн харыстаамыаҕыҥ не пожалеем сил для того, чтобы получить высокий урожай; 4) за то, что; аҕам, куобаҕы ыыппытым иһин, хата, мөхпөтө отец, к радости, не ругал меня за то, что я выпустил зайца; сөбүлэтиэн иһин тупсаҕайдык таҥныбыт он приятен тем, что аккуратно одет; 5) ...бы, но...; бу көстүүмү атыылаһыам иһин, размера улахан я купил бы этот костюм, но размер велик; 3. употр. в составе вводно-модальных и союзных сочет.: кыһытыан иһин к досаде; как назло; ол иһин а) оттого, из-за того, поэтому, потому и; ыалдьыбытым, ол иһин кэлбэтэҕим я болел, потому и не приходил; б) вот тото ; конечно (так и знал); ол иһин, сэрэйбит сэрэх ну, конечно, так и предполагалось; ол да иһин а) вот почему; ол да иһин күүстээх эбит вот почему он сильный, оказывается; б) вот тото ; конечно же (так и должно было быть); саатыах иһин к стыду; сөҕүөх иһин к его удивлению; төһөтүн да иһин , ханныгын да иһин или хайдаҕын да иһин как-никак, во всяком случае; хомойуох иһин к сожалению # бу да буолбутун иһин несмотря на это; ол иһин да! вот оно что!; так и есть!