- аат. Паар күүһүнэн барар судно (уу аала). ☉ Судно с паровым двигателем, пароход
Өлүөнэ өрүс мууһун көтөҕөн, сааскы халаан уута өрө дэбилийэн, Хотугу Муустаах муораҕа таҥнары дьалкыйан түһүүтүгэр сыл аайы үөһэттэн, өрүс баһыттан, борохуоттар кэлэннэр таһаҕас аҕалаллар, дьону тиэйэллэр. П. Ойуунускай
Болуот бөҕөнү Муннуттан соһон, Бухатыыр көлө — Борохуот кэллэ. Эллэй - даҕ. суолт. Биир борохуокка таһаҕас буолар, борохуот уйугар, кыаҕар сөп. ☉ Занимающий целый пароход, соответствующий грузоподъемности одного парохода (об объеме какого-л. груза, товаров)
Икки борохуот табаары тутан илдьэ бараллар. Амма Аччыгыйа
Якутский → Якутский
борохуот
Еще переводы: