Якутские буквы:

Якутский → Якутский

боругулдьус

боругулдьуй диэнтэн холб. туһ. Симик уот көһүннэ
Сиик-туман бүдүө-бадаа оргулун ортотугар дьоннор күлүктэрэ боругулдьуһан бардылар. С. Федотов


Еще переводы:

адьырыс

адьырыс (Якутский → Якутский)

  1. адьырый диэнтэн холб. туһ. Арай икки бөтөс сулбурута ойон, оҕонньорго кэлэ оҕустулар. Модьу-таҕа, адьырыспыт саха дьоно. А. Сыромятникова
    Бөрөлөр тэйиччи бытааннык боругулдьуһаллар, дьохсойбут самыылара суостаахтык адьырыспыттар. «ХС»
  2. көсп. Кими эмэ кытары этиһэнхапсыһан ыл. Сильно, бурно поссориться, схватиться с кем-л.
    Ааттаах омуктар Ааттаахтары кытта Адьырыһар санааны аҕалыммыттар. Өксөкүлээх Өлөксөй
    «Тохтооҥ, оҕолор, охсуһумаҥ, туох буоллугут!» — диэбитинэн кулууп дьиэ иннигэр адьырыспыт уолаттары уҕарыта сүүрэн кэлбитэ Коля. П. Аввакумов
    Маҥнай адьырыһа сыһан баран, дьон бэйэ-бэйэлэрин билсэн, көнсөн, үчүгэйдик хонон турбуттара. Н. Якутскай