Якутские буквы:

Якутский → Якутский

боспоҥноо

боспой диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Баран истэхпинэ суолум икки өттүгэр улардар хааман боспоҥноһоллор Амма Аччыгыйа


Еще переводы:

эргиннээҕи

эргиннээҕи (Якутский → Якутский)

даҕ. Чугас сытар, чугастааҕы, ырааҕа суох. Близкий, недалёкий от чего-л., окрестный
Бу эргиннээҕи дэриэбинэлэргэ, сэлиэнньэлэргэ сылдьардаахпын. Н. Якутскай
Тумуулаах [киһи аата] өлбүтүн кэннэ, эмиэ ити эргиннээҕи Тэппэ Боспоҥнуур диэн дьадаҥы огдообоҕо кэргэн тахсар. ФГЕ ӨӨСҮҮ
Бу эргиннээҕи күөллэргэ көтөр аҕыйаабыт. ЯРС
Дьиэ эргин (эргиннээҕи) көр дьиэ I
[Дьаакып:] Бу дьиэ эргиннээҕи киһи, аата Өлөксөй диэн. А. Софронов
Сайын чугас дьиэ эргиннээҕи мас сыыһын, амынньыары, ойуурга ыһыллыбыт лоһуруой мастары хомуйтаран оһох оттоллоро. У. Нуолур
Чугас эргин (эргиннээҕи) көр эргин II. Маҥнай утаа чугас эргиннээҕи улуустар баайдарын уолаттара …… Маайаны ыйыттарар үгэстэммиттэрэ. Н. Якутскай
Барыам биир хонук иннинэ чугас эргиннээҕи ходуһалары кэрийэн көрбүтүм. А. Бэрияк