Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бочугураа

субул. тыас туохт. Үрүт үрдүгэр «бочу-бочу» диир курдук саҥар (хол., бочугурас саҥата). Издавать щебет, щебетать, свиристеть (напр., о рябчике). Аттыбар мас көтөрө бочугураата

Якутский → Русский

бочугураа=

щебетать, свиристеть.


Еще переводы:

бочур

бочур (Якутский → Якутский)

даҕ., поэт. Хойуутук бочугураан көстөр (сайыҥҥы мас-от сэбирдэҕин, сибэккини хоһуйан этии). Бахромчатый и густой, растущий густой бахромой (о летней листве и цветах)
Суол икки өттүнэн күөх бочур сэбирдэхтэрдээх тэтиҥнэр, лиҥкинэспит тииттэр элэгэлдьиһэн ааһаллар. НЕ ТАО
Мин тайҕам тииттэрин Күөх бочур киистэлэрэ — Кыыс хараҕын кыламаннара, Дьол, үөрүү сырдык миччээрдэрэ. Чэчир-80
Оттон бочур сибэкки ботугураан Кэпсииргэ дылы этэ эйигин, Эн Күүппүккүн... Онтон саараан Өр ытаабыккын. С. Данилов
Оннук сэбирдэхтээх, мутукчалаах (хол., тыа). С бахромчатой, густой листвой или хвоей (напр., о дереве, лесе)
Сарсыарда. Күөх бочур ойууру кырыйа Тыаһа суох дьылыйан иһэбин. Сииктээх көп лабааны арыйа-арыйа, Сөрүүн тыа иһигэр киирэбин. Дьуон Дьаҥылы
Уулаах отон бочур угун Сайҕаан ааста сүүрээн, Кымырдаҕас оргулун Үрэйдэ мэнигилээн. И. Гоголев