туохт. Бэйэҕиттэн эмискэ киэр эс, киэр бырах (төрүт олоҕун ф-гар тут-бат). ☉ Отбрасывать, отшвыривать кого-что-л. от себя, смахнуть (в форме исходной основы не используется)
Сүгэтин туора илгэн кэбистэ. Софр. Данилов
Эмиэ биир балыгы сыыр аннын диэки илгэн баран, үчүгэй аҕайдык хардыылаамахтаан биэрдим. Н. Заболоцкай
Түүппүлэлэрин устан илгибитэ күөх от быыһыгар баран, түөрэх түстүлэр. А. Сыромятникова
♦ Киэр илгэр - суох оҥорор, суулларар; үүрэр. ☉ Свергнуть, изгнать, сбросить кого-что-л. (напр., правительство), отшвырнуть прочь
Бас бэриннэрбит норуоттара кинилэр былаастарын киэр илгэргэ дьулуһаллара. КФП БАаДИ
Хайдахтаах курдук кэрэний. Боярдары киэр илгиэхпит сааттары олордорго турунуохпут. АС НИСК
Колониализм хандалатын киэр илгибит сэттэ уонтан тахса саҥа судаарыстыбалар баар буоллулар. «Кыым»