- дьүһ. туохт.
- Барбах аҕай, сүтэ-сүтэ кэриэтэ таҕыс (буруону этэргэ). ☉ Выходить, подниматься слабой струей (струями), вяло струиться (о дыме)
Ураһа ураатыттан синньигэс буруо буккуруур. И. Гоголев - кэпс., көсп. Син туспа буруо таһааран (ыал, хаһаайыстыба буолан) олор (сүнньүнэн -ан сыһ. туохт. ф-гар олор туохт. кытта ситимнэһэн тут-лар). ☉ Иметь хотя и бедный, но свой собственный очаг, свое хозяйство (употр. в основном в ф. деепр. на -ан в сочет. с гл. олор ‘жить’)
[Кээкэй] бэйэтэ биир да сүөһүтэ суох. Уҥа-хаҥас ыалларыттан үүт-хаар аһы асаһан, ыал буолан буккураан олорор. ҮҮА
[СПТУ] холкуостан соччо сир-уот былдьаспакка, олохтоох ыаллар уһаайбаларын үтүрүйбэккэ-хабырыйбакка, им-дьим буккураан олорбута. Ф. Софронов - тыаһы үт. туохт. суолт. Холкутук аргыый сурдурҕаан иһилин (утуйа сытар киһи-сүөһү муннун тыаһын этэргэ). ☉ Быть тихим и спокойным (о ровном дыхании — подражание звуку, издаваемому спящим)
Мааса …… улаҕа диэки эргиллэн, муннун тыаһа буккураабытынан барда. Р. Кулаковскай
Сылайбыт киһи Даайыс, ынчыктаамахтаан эргийбэхтээн баран, хайыы-үйэҕэ мунна буккураабытынан барда. Н. Заболоцкай
△ Утуйан холку-холкутук тыынан муннугун сурдурҕат (үксүгэр оҕону этиллэр). ☉ Тихо и спокойно сопеть носом во время сна (большей частью о ребенке)
[Кыыча] кыра эрдэҕинэ …… ийэтин хоонньугар уу нуурал бэйэлээхтик утуйан буккураан хаалара. Софр. Данилов
Оҕо эрэйдээх, дөйүр-дайыр тирии таҥаһыгар сууланан, утуйан буккуруур. Суорун Омоллоон
[Кыра оҕото] иһэ топпута да, утуйан буккураан хаалбыта. И. Федосеев
Атын дьахталлар бары сынньалаҥнык буккуруу сыттахтара, арай кини эрэ туохха эрэ дылы, тылын туора уобан, аан дойдуну биир гына тилийэ сылдьар. Софр. Данилов
Якутский → Якутский
буккураа
Еще переводы: