сыһыан т. 1-гы сирэйгэ тардыы сыһыарыылаах туттулуннаҕына алҕаһы билинии суолтатытыгар саҥа сиэрэ. ☉ В форме 1-го лица с притяжательным аффиксом употребляется в качестве формулы речевого этикета (виноват, виновен)
[Чокуурап:] Буруйдаахпын, Варя. Оскуола эрэ туһунан ыйыппатахпын. С. Ефремов
Өлөксөй төннөн тиийбитэ Өлөрсүүлээх сэриигэ Хара хараҕа мичээрэр Хамандыырыгар кэлэн: «Буруйдаахпын, табаарыс!» ...Буулдьа адьас акаары. Сүүрдэ хаҥас ытыспыттан сүүсчэкэ хааппыла хаан. Баал Хабырыыс
Якутский → Якутский
буруйдаахпын
буруйдаах
аат. Буруйу оҥорооччу, ыар буруйу оҥорбут киһи. ☉ Преступник
Кыталыктаахха олорор кыһыллар мүччү ыстанан кэлэннэр аҕабыыты уонна Чаҕаан кинээһи буруйдааҕынан тутан барбыттарын истибитэ аҕыйах хонно. Эрилик Эристиин
Хараҥа буруйдаахтар ханна да саһар, хайдах да кубулунар араас сураҕы ыытан куотуохтара суоҕа. Т. Сметанин
Кини [Константин] Сибииргэ көскө, хаатырга үлэтигэр сылдьар политическай буруйдаахтары күрэтэр, сыылынайдарга көмөлөһөр «Кыһыл кириэс» уопсастыбатын үлэтин сүһүөҕэр туруорар сорудахтааҕа. П. Филиппов
эрэйдээх-буруйдаах
даҕ. Ыарахан олоҕу олорбут, эрэйи көрбүт. ☉ Сопряжённый с трудностями, горестями, страданиями (о жизни)
Эрэйдээхбуруйдаах оҕо сааһыҥ ыллыга Бу баардыы көстө тыргыллар. М. Ефимов
Тулаайах хаалыы Эрэйдээх-буруйдаах ыар олоҕо саҕаламмыта. В. Протодьяконов
Кини уһун үйэлэнэн, эрэйдээх-буруйдаах, муҥнаах-таҥнаах олоҕу олорбута. И. Данилов
Якутский → Русский
буруйдаах
1) имеющий вину; виноватый, виновный; буруйдааҕы булуохха надо найти виновника; 2) преступный; ыар буруйдаах киһи преступник.
Еще переводы: