Якутские буквы:

Якутский → Якутский

быдьыгынаа

туохт.
1. Бэрт элбэх, олус кыра туртаҕар хабахтары таһаар (оргуйан эрэр уу туһунан). ☉ Образовать множество очень мелких пузырьков (о закипающей воде)
Уу оргуйан быдьыгынаан эрэр эбит. Амма Аччыгыйа
2. Игии олус бытархай тоҥуутун курдук буолан көһүн. ☉ Виднеться как очень мелкая зазубрина напильника
Игии тоҥуутун курдук быдьыгынаан, көҕөрөн турбут муус сарсыардаттан ыла улам туртайан барбыта. П. Филиппов


Еще переводы:

быдьыгынай

быдьыгынай (Якутский → Якутский)

быдьыгынаа диэнтэн хамс
көстүү. Саҥардыы оргуйаары гыммыт күөстүү, кыра соҕустук быдьыгынайан, кэрдиистэнэн сүүрүгүрэ сытар өрүс уутугар түөһүнэн хоруйан сирилэттэ. Эрилик Эристиин

игии

игии (Якутский → Якутский)

аат. Сытыылыырга, ааларга аналлаах, ыстаалтан оҥоһуллубут, тоҥуулаах туттар сэп. ☉ Напильник
Игии быһаҕаһынан Эрбии тииһин аалан Ирэхоро олорор. С. Васильев
Игии, хатат тыаһа харылаан, күөх хотуурдар күлүмнэстилэр. Дьуон Дьаҥылы
Тоҥуута бараммыт игиитинэн Өр да өр сухатын сытыылыыра... Н. Босиков
◊ Игии аалыыта - игии аалыытыттан үөскүүр тимир кыырпахтара. ☉ Металлические опилки (появляющиеся при обработке железа напильником). Игии тоҥуута - сытыылыырга, ааларга үчүгэй буоллун диэн игиигэ оҥоһуллубут кэрдиис, хатыы. ☉ Насечки напильника
Игии тоҥуутун курдук быдьыгынаан, көҕөрөн турбут муус сарсыардаттан ыла улам туртайан барбыта. П. Филиппов. Мас игиитэ - туттар сэби уктуурга, остуол атаҕын эҥин оҥорорго мас модороонун көннөрөргө, араас быһыылаах гынарга туттуллар бөлтөҕөр тиистэрдээх уһун синньигэс тимир. ☉ Стальной напильник для обработки дерева, терпуг. Мас игиитэ уларыста
ср. тюрк. игев, игеу, иге 'точить напильником'