древний, старинный; давний; ветхий, старый; былыргы киһи а) древний человек, человек древних времён; б) человек, придерживающийся старины; былыргы оҥоһук старинное изделие; былыргы дьиэ старый дом; былыргыны кэпсээ = говорить о давнем; былыргыны былыт саппыт старое скрыто в облаках (соотв. былое быльём поросло).
Якутский → Русский
былыргы
Якутский → Якутский
былыргы
- даҕ. Олус өрдөөҕү кэмҥэ баар буола сылдьыбыт, олус өрдөөҕү кэмтэн баар. ☉ Древний, старинный; давний, старый. Былыргы оҥоһук. Былыргы дьиэ. Былыргы сэһэн
□ Мин бардым: бухатыыр эһэлэрим Былыргы аартыктарын арыйан, күн дьонум дьоллоох көҥүллэрин Хараҥа күүстэртэн харыһыйа. Эллэй
[Кыһыл армыйа] Быстыбат аймаҕар харыһык буолаҥҥын, Былыргы былааһы умсары уураҥҥын, Көччүйэн үөскээбит хотугу кыраайбыт Көҥүлүн көмүскээн, көмөҕүн көрдөрдүҥ. Күннүк Уурастыырап - аат суолт. Былыргы кэм. ☉ Древнее, старое время
Оҕонньор наар былыргыны кэпсиир. Суорун Омоллоон
Көмүлүөгү, күөһү кэтии... Уокка аргынньахтыы, Ытык кырдьаҕас өр кэпсиир Былыргыны арбыы. Дьуон Дьаҥылы
«Былыргылар муннуларын анныттан, атахтарын тумсуттан ырааҕы көрбөт этилэр», — диэн халыҥ баайы мунньан биэрбит аҕатын хомуруйар буолан эрэр. А. Сыромятникова
♦ Былыргыны былыт саппыта — урукку умнуллубута өр буолла (ону түөһэр, көбүтэр, ахтар наадата суох). ☉ Давным-давно позабыто (и незачем это ворошить), быльем поросло
Былыргыны былыт саппыт, аныгыны айыы айбыт (өс хоһ.). Ону мин истибитим быдаарыйбыта. Былыргы дьыл былытынан сабыллыбыта. С. Зверев
Бэйи, Соппуруон, тохтоо, былыргыны былыт саппыта. «ХС»
Еще переводы: