Якутские буквы:

Якутский → Якутский

былҕаччы

сыһ. Онон-манан сымнаҕастык үтэн тахсар курдук. ☉ Так, чтобы мягко выпирало
Кутузов мундир сүртүүгүн кэппит (синньигэс быа кымньыыны санныгар биллэҕэ иилиммит), аллаах атыгар ыараханнык былҕаччы олорон баран, дьалкыҥныы иһэр. Л. Толстой (тылб.)


Еще переводы:

таҥкычахтан

таҥкычахтан (Якутский → Якутский)

таҥкычахтаа диэн курдук
Дьэспэ [оҕус аата] ойон туран туора ыстанна уонна кыайтарбыт киһи быһыытынан айаатаан уй-хай бөҕөнү түһэрэн аллараа үрэх диэки таҥкычахтанна. Далан
«Сиридойдуну барытын күрүөлээбэтэх баҕайыгыт ини», — диэн баран, [Дырааһай Ылдьаа] кыыһырбыт курдук, түргэн баҕайытык хааман таҥкычахтана турда. Н. Якутскай
Сотору соҕус кэминэн биир былҕаччы уойбут, аҕылыы сылдьар дьахтар остолобуойтан нэһиилэ таҥкычахтанан тахсан, мин аттыбар кэлэн олорунан кэбистэ. Күрүлгэн