1) пыль; быыл көтөр пыль поднимается; 2) отходы, остатки; бурдук элбэх быылы биэрдэ зерно дало много отходов.
Якутский → Русский
быыл
Якутский → Английский
быыл
n. dust [<Russ. пыль ]
Якутский → Якутский
быыл
аат.
1. Салгыҥҥа көтө сылдьар эбэтэр туох эмэ үрдүгэр, ньууругар олорон хаалар кураанах, олус бытархай кыырпахтар. ☉ Пыль
Быылы хоско баар бары маллартан (остуолтан, дьыбаантан, олоппостон, кырабааттан), сиэркилэлэртэн, хартыыналартан, атах таҥастарыттан инчэҕэй тирээпкэнэн сотуллуохтаах. РВА ДьЫКБ
Өрүү тыаллаах, Өрүү быыллаах, Туманынан бурҕачыйар, Тумарыктыйар АЯМ суола. Н. Босиков
Сир ыксатынааҕы салгыҥҥа быыл, хоруо кыырпахтара, уу паара булкуһа сылдьар буолаллар. МНА ФГ
2. Туох эмэ (хол., мэлиллэр бурдук о. д. а.) бытарыйан, бурҕайан тохтор, хоронор, туһата суох хаалар өттө. ☉ Отходы, остатки чего-л. в виде пыли, порошка
Вася аргыый аҕай туораан тахсан, суухаратын быылын хаарга ыста. Амма Аччыгыйа
Быйыл кыһын сааһа сүүрбэтин туолан, Арыпхаджаев паровигын бурдугун быылыттан ороон саллаакка ылбыттара. Эрилик Эристиин
Биэрэ эмээхсин куулу ылан көрбүтэ: түгэҕэр икки киилэ холобурдаах мээккэ бурдук сылдьар эбит. «Ээ, миэлиҥсэ быылын сотон аҕаллым», — диэтэ оҕонньор. Д. Таас. Көмүһү тиһэҕэр сыыҥка уонна сибиниэс быыллара сөҥөрдөн хааллараллар. И. Бочкарев
Еще переводы: