несов. быыл буол, быыллан, буор буол.
Русский → Якутский
пылиться
Еще переводы:
күдэриктий (Якутский → Якутский)
туохт. Туман, буруо курдук буолан көһүн. ☉ Дымиться, пылиться; клубиться как туман, пыль, дым
Хаар түһэрэ мөлтөөтө. Былыт бысталанан, күдэриктийэ көстөр. Болот Боотур
Оо, Улуу Куосумас! Аата-ахсаана суох быыл курдук күдэриктийэ ыһыллаллар. П. Тобуруокап
быыллый (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Быыл буол, быылынан бүрүлүн. ☉ Покрываться пылью, пылиться
Бу чааһынай маҕаһыын, Сөҕөҕүн дьон аҕыйаҕын. Быыллыйбыт мас сулуоннар Тураллар чуҥкуйаннар. И. Гоголев
Сотору эһиэхэ эргиллиэм Быыллыйбыт синиэлбин устаммын, Оччоҕо сиһилии сэһэргиэм Олоҕум очурдаах сылларын. И. Артамонов
«Оруобуна “сидиэнньэтинэн” абырахтаах бүрүүкэ», — диэн баран Сеня гардеробтан быыллыйбыт эргэ бүрүүкэни ороон таһаарда. Н. Лугинов
2. Быыл буол, быылга кубулуй. ☉ Превратиться в пыль
Итинник быыллыйбыт почваны структурата суох почва дэнэр. КВА Б
буордан (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Буордаах, быыллаах буол, буордуй (хол., уулусса, суол туһунан). ☉ Покрываться пылью, пылиться
Уулусса киһитэ малыйан, Бурҕайбат буорданан утуйбут. Оннооҕор, хормуоска сылайан, Куоракка уучуумпу тунуйбут. Күннүк Уурастыырап
2. Элбэх буор суураллан, будулхай өҥнөөх буол (өрүс, үрэх сайыҥҥы буордаах уутун туһунан). ☉ Становиться мутной (о воде рек во время второго летнего половодья)
Сай ортото Дьааҥы уута буорданар. Ону олохтоохтор «Булуус сыылбыт» эбэтэр «Куруҥ уута кэллэ» дииллэр. Багдарыын Сүлбэ
3. эргэр. Өлбүгэ (оттуур ходуһа) сирдэн. ☉ Иметь надел (покосный участок)
Оччугуй норуот эрэйдээх Онноманна Оҥкучах алаастар улаҕаларыгар Остуол саҕа ыһыыланан, Оччугуй лоскуй буорданан Олорбуттар этэ. Нор. ырыаһ.
4. Буорга киир, өл. ☉ Погибнуть, скончаться, умереть
[Бүөтүр:] Кулаак кутуруга буолар санаа суох. Оҕонньор бэйэтэ даҕаны «кутуруга-муоһа суох буорданыам» диир. Амма Аччыгыйа