Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бэрэссэдээтэл

аат. Ханнык эмэ тэрилтэ (хол., холкуос) быыбардаммыт салайааччыта. Председатель (выборный руководитель организации)
Бэрэссэдээтэл дьиҥ хомуньуус киһи буоллаҕа дии, кини кытаанах буолбатаҕына, ким кытаанах буолуой? П. Ойуунускай
Тоокуй ойуур судьуйа уурбут ыстараабын харчытын 250 солкуобайы аҕалан туттарыах буолбут кэмигэр Сиидэрэп бэрэссэдээтэлгэ аҕалан туттарда. Күндэ
Бэрэссэдээтэл дьоннору Бэрээдэккэ ыҥырда, Горкомолтан кэлэ сылдьар Куонаанапка тыл биэрдэ. Күннүк Уурастыырап
Бииктэр өрөпкүөм бэрэссэдээтэлин, аан маҥнай мыына көрөн баран, улам-улам киниэхэ тартаран киирэн барда. Л. Попов


Еще переводы:

бэрэссэдээтэллээ

бэрэссэдээтэллээ (Якутский → Якутский)

туохт. Бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээ. Работать председателем.

уһаайбалат

уһаайбалат (Якутский → Якутский)

уһаайбалаа диэнтэн дьаһ. туһ. Бэрэссэдээтэл дьаһал биэрэн уһаайбалаппыта

киспэс

киспэс (Якутский → Якутский)

киспэй диэнтэн холб. туһ. Бэрэссэдээтэл бэйэтинэн киирэн турарын көрөн, сыгынньах киспэһэн олороллоруттан кыбыстан сыҕарыҥнастылар. Айталын

лыҥкырдат

лыҥкырдат (Якутский → Якутский)

лыҥкырдаа диэнт э н д ь а һ
туһ. [Мунньах] бэрэссэдээтэлэ чуорааны оргууй лыҥкырдатар. Амма Аччыгыйа

торуосчут

торуосчут (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Торуос холбооччу, бырысыапсык. Прицепщик
«Торуосчуттар бары кэллигит дуо?» — диэн бэрэссэдээтэл ыйытта. А. Фёдоров

туоһулан

туоһулан (Якутский → Якутский)

туоһулаа диэнтэн атын
туһ. Кинигэ бары сирэйдэрин уопсай ахсаана бэрэссэдээтэл уонна суотчут илии баттааһынынан туоһуланар. КПЫ

чамырҕаппахтаа

чамырҕаппахтаа (Якутский → Якутский)

чамырҕаа диэнтэн тиэт
көрүҥ. Суут бэрэссэдээтэлэ ойон туран, айаҕын чамырҕаппахтыыр. Н. Якутскай

босхолот

босхолот (Якутский → Якутский)

босхолоо диэнтэн дьаһ. туһ. Лиэксийэттэн босхолот
Ийээ, аҕам бэрэссэдээтэлтэн көрдөһөн, бааһына харабылыттан босхолотто, арыыга оттуу киирэр үһү. С. Ефремов

кылахыс гын

кылахыс гын (Якутский → Якутский)

көр кылах гын
Сэбиэт аанын аһа-аһа Баһылай Киппээнэп бэрэссэдээтэл диэки биирдэ-иккитэ көрөн кылахыс гыннарда. П. Ойуунускай

өрбөкөчүй

өрбөкөчүй (Якутский → Якутский)

өрбөй диэнтэн субул
көстүү. Өргөстөөх Өлөксөй өрбөкөчүйэн туран: «Тыл барар дакылаатчыкка, Толоруулаах Доропууҥҥа, улуус Ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр», — диэтэ. П. Ойуунускай