Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бэстээҕэ

аат. Сүөһү кэлин атаҕын ис өттүттэн барар суон иҥиир, киниттэн оҕолооҕо диэн синньигэс иҥиир арахсар. ☉ Толстое сухожилие с внутренней стороны задней ноги скотины, от него отходит тонкое сухожилие (см. оҕолооҕо)
Сылгы бэстээҕин (кэлин атаҕын иҥиирин) былыргы сахалар кымыс көөнньөрүүтүгэр иитээйи гыналлара. СГФ СКТ


Еще переводы:

бэстээх иҥиир

бэстээх иҥиир (Якутский → Якутский)

көр бэстээҕэ

оҕолооҕо

оҕолооҕо (Якутский → Якутский)

аат. Сүөһү кэлин атаҕын ис өттүнэн барар бэстээҕэ диэн суон иҥиириттэн арахсар синньигэс иҥиир. ☉ Тонкое сухожилие на голени задней ноги скотины, отходящее от бэстээҕэ
Саха ыала сүөһү өлөрдөхтөрүнэ, анаан иҥиирдиир идэлээхтэрэ, иҥиирдэр тустуспа ааттаахтар: иэн иҥиирэ, сындалааҕа, оҕолооҕо, бэстээҕэ, ньуоскалааҕа диэн. АЕЕ ӨҮОБ