Якутские буквы:

Якутский → Русский

бүгүрүй=

работать, хлопотать (по хозяйству); дьиэтигэр күнү быһа бүгүрүйэн тахсар он весь день хлопочет по дому.

Якутский → Якутский

бүгүрүй

туохт. Дьиэ иһигэр-таһыгар илиини араарбакка үлэлээ. Работать, беспрестанно хлопотать (по хозяйству). Дьиэтигэр күнү быһа бүгүрүйэн тахсар
Оҕонньор отуутуттан чугас намыһах, хойуу талах быыһыгар бүгүрүйэрэ. «ХС»
Бары ыаллар аһыыр астаах, таҥнар таҥастаах буолуохтара. Атын киһи иннигэр бүгүрүйэр аны суох. А. Сыромятникова


Еще переводы:

бүгүнэй

бүгүнэй (Якутский → Якутский)

көр бүгүрүй
Бүгүҥҥүнэн бүгүнэйэн Бүтэр киһи суоҕа чахчы. Үүнэр күнү өрө күөйэн Кини эрдэ турааччы. Н. Босиков

бүгүрүс

бүгүрүс (Якутский → Якутский)

бүгүрүй диэнтэн курдук
Бөһүөлэккэ бүгүн субуотунньук буолла — Тутуллан эрэр дьиэ таһа дьонунан туолла. Уончалаах уолуттан оҕонньоруттан тиийэ Үлэлээн бүгүрүһэн, ким тугу кыайарынан. М. Ефимов
Ыарахан үлэлэргэ кырдьаҕастар эрэ бүгүрүһэллэр. Орто үөрэхтэммит өттө тыаҕа тохтообот. П. Аввакумов
Киэҥ нэлэмэн буолактарга араас техника үлэлээн ньириһийэр. Онно дьон бөҕө үрдүк үүнүүнү хомуйан бүгүрүһэллэр. Умнуллубат к.