Якутские буквы:

Якутский → Русский

бөкчөгөрдөөх

имеющий горб; с... горбом; =горбый; икки бөкчөгөрдөөх тэбиэн двугорбый верблюд; бөкчөгөрдөөх киһи горбатый человек, горбун.


Еще переводы:

тэбиэн

тэбиэн (Якутский → Якутский)

аат. Кумах куйаар дойдуларыгар үөскүүр, биир эбэтэр икки бөкчөгөрдөөх кэбинээччилэр биистэрин ууһугар киирсэр улахан дьиэ кыыла. Верблюд
Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук (өс хоһ.). Таһаҕас ырдыммыт тэбиэннэр быа курдук субуллубуттар. Н. Лугинов
Кумах куйаар бэлиэ кыыла тэбиэн буолар. МЛФ АҮө
ср. бур. тэмээн, хак. тибе, др.-тюрк. девэ, тевэ, теви, эвенк. тэмэгэн, тэвен ‘верблюд’

бөкчөгөр

бөкчөгөр (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Бөкчөччү түспүт, токуйбут (киһи сиһин этэргэ) эбэтэр оннук систээх. Согнутый, сгорбленный, горбатый (о спине человека)
    Биир тарбахтаах бөкчөгөр оҕонньор бүтүн хайаны таһар үһү (тааб.: от тардар тордуох). Демьян оҕонньор, уолугар баһыйтаран, кэпсээнин тохтотон баран …… бөкчөгөр көхсүнэн уотугар аргынньахтаан олордо. Эрилик Эристиин
    Таһырдьаттан бэрэссэдээтэл иэҕэс-куоҕас гынан киирэр. Кэнниттэн биир бөкчөгөр оҕонньор батыһан киирэн: «Хайа, сэгэриэм, туох диэн этэҕиний, оттон бурдукпун үнүрүүн аҕалан туттарбытым дии?» — диир. Күндэ
    Инники олорор маҥан баттахтаах оҕонньор баһын кэҕиҥнэтэр, кинилиин сэргэстэспит кимистигэс уостаах бөкчөгөр эмээхсин …… уоһун салбаммахтыыр. Н. Габышев. Тэҥн. бөгдьөгөр
  2. аат суолт. Киһи көхсүгэр сиһин тоноҕоһо токуруйбутуттан үөскүүр эбэтэр сүөһү, кыыл сиһигэр үүнэр улахан болчойон тахсыы. Горб; горбун. Тэбиэн бөкчөгөрө. Икки бөкчөгөрдөөх тэбиэн
бүгүйэх

бүгүйэх (Якутский → Якутский)

I
1. аат.
1. Туох эмэ токура, токуруйуута. Выгиб, изгиб чего-л.
Туруйалаах хочото, онон-манан бүгүйэх буола-буола, уһаан-кэҥээн бара турар. В. Протодьяконов
Тиийиэхтээх сирдэригэр улам чугаһаатахтарын аайы, Айдар суол хас биирдии бүгүйэҕин, түһүүтүн-тахсыытын ааҕа билэ олордо. Н. Лугинов
«Кинини көрдөххүнэ үс бүгүйэх буола тоҥхоҥнуугун...» — диидии Трошка ылтаһын куруускатыгар чэй кутунна. Н. Якутскай
2. эргэр. Чаппараах киэргэлэ: уһуктара токуруйар, биир эмэ өттүгэр ойо быһыылаах үрүҥ көмүс уһун синньигэс чараас лоскуйа. Серебряное украшение (на чепраке) в виде продолговатой полоски, закругленной по концам и с вырезкой на одной из сторон.
3. эргэр. Дьахтар үрүҥ көмүс киэргэлин көрүҥэ. Серебряные женские украшения.
2. даҕ. суолт. Биир эбэтэр хас да сиринэн токурдаах, өҕүллүүлээх, бөкчөгөрдөөх. Согнутый в одном или нескольких местах, извилистый, горбатый
Кытаанах кыһын этэ. Күөрэ-лаҥкы муоста, тымныынан аргыйа турар бүгүйэх истиэнэ, эргэ оһох. Н. Лугинов
Сиэллээхэп Бүрүө чилиэннэрин үлэтигэр Бүгүйэх бэлиэлэри кэккэлэттэ. С. Васильев
Будулҕаннаах муус байҕал Иччитэ буолбут Тоҕус бүгүйэх систээх, Кэй тубут көлөлөөх Тимир Чохчордоон дьаалы Уоран-талаан ылан, Түүнүктээх түрмэтигэр Түҥкүнэтэн түһэрбит эбит. П. Ядрихинскай
II
аат. Үөн-көйүүр көрүҥэ: хааны уулуур, икки кынаттаах, иһэ туора дьураалардаах (ыамата куйукта сүөһү, кыыл тириитин анныгар паразиттаан үөскүүр). Овод
«Бүгүйэх түөкүн...» — оҕонньор [Сүөдэр Хомуоһап] охсумахтыыра улам түргэтээн истэ. Амма Аччыгыйа. Тэҥн. тигээйи