I
эппэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Долгуннар …… эппэҥнэһэллэригэр түөрэ эргийимээри эрдиилэринэн туора-маары тардыалаан тирэҕин булуна сатыыр. Е. Неймохов
Уолаттар, арааһа, балачча сырсыбыттар, өрө эппэҥнэһэн сүрдэммиттэр. Куорсуннаах
II
даҕ.
1. Дириҥник тыынар, аҕылас, бөтүөхтэс. ☉ Издающий тяжёлые вздохи, еле переводящий дыхание, задыхающийся
Тыына хаайтарбыт киһи эппэҥнэс буолар. ПЭК СЯЯ
Дарыбыанаба, тыынын кыайан ылыа суох тэҥэ, эппэҥнэс буолан хаалла. П. Аввакумов. Өлөөнө түүлүттэн уолуйан, эппэҥнэс буолбут. Н. Васильев
2. көсп. Өрө түллэр, бааллырар (хол., долгун). ☉ Колыхающийся, вздымающийся, дыбящийся (напр., о волнах)
Эппэҥнэс долгуҥҥа Элэҥнээ, мин эрдиим. И. Федосеев
Эппэҥнэс балкыырдар кэлэннэр: «Эккирэт, эккирэт», — дэһэллэр. М. Ефимов
♦ Сүрэҕэ эппэҥнэс — туохтан эмэ олус куттанан сүрэҕэ күүскэ тэбэр. ☉ соотв. сердце не на месте
Мин уҥуох-уҥуоҕум халыр босхо, сүрэҕим эппэҥнэс, уолукпун тахсан бүөлээри хаайар. «ХС»