даҕ. Илин өттө намыһах, кэлин өттө үрдүк (хол., сүөһүнү, сылгыны этэргэ). ☉ Такой, у которого передняя часть туловища ниже задней (о животном)
Аттары тутан ыҥыырдыылларыгар, таҥхаҕар уҥуохтаах, улахан истээх кырдьаҕас аты Сүөдэр бэрт өр биэбэйдээтэ. Амма Аччыгыйа
Таҥхаҕар уҥуохтаах, такыр такымнаах Тааҕы буолбут сиэллээх атыырбытын …… Дугуйар дьоруо тураҕас атыырынан Солбуйан төрүөхпүтүн тупсардыбыт! С. Зверев
Атыыр даҕаны, биэ даҕаны таҥхаҕар соҕус уҥуохтааҕа төрүөхтээх буолар эбит. «ХС»
△ Иннин диэки умсары үүммүт (сүөһү муоһун этэргэ). ☉ Отросший остриём вниз (о роге животного)
Аҕыйах хонон баран Соппуруон таҥхаҕар муостаах кугас эбириэн оҕуһун …… Тойбохойго киллэрбитэ. И. Никифоров. Таҥхаҕар муостаах хара маҥаас ынах сөбүлээбэтэхтии үөстээҕинэн таҥнары көрөн кэбиһээт, баһын быһа илгиһиннэ. В. Егоров
ср. бур. дангагар ‘верзила’